Быйыл саас Саха сирин илин эҥэр улуустарыгар, элбэх сөҥүү түһэн уонна өр кэмҥэ тымныылар тураннар, ууга барар куттал сытыытык турар. Халаан уутугар уопсайа 18 нэһилиэнньэлээх пуун барыан сөп. Бүгүҥҥү күҥҥэ Уус Алдан улууһугар туох бэлэм үлэтэ бара турарын туһунан СИА билистэ.
Уус Алдаҥҥа барыта алта нэһилиэк ууга барар кутталлаах. Өлүөнэ өрүскэ харыы таҕыстаҕына, Оҕуруоттаах (Суотту), Хоноҕор, Арыы-Тиит, Алдан өрүскэ хардаҕына, Түүлээх, Чэриктэй, Өспөх.
“Харыы сүрүннээн Уус Алдан сиригэр тахсыбат буолан, биһиги ууга барар кутталлаах нэһилиэктэргэ сэрэтии эрэ үлэтин ыытабыт. Дэлби тэптэрии, хараардыы үлэлэрин харыы тахсыан сөптөөх сирдэригэр ыыталлар, бу сирдэр эрдэттэн биллэллэр. Аҕыйах хонуктааҕыта уһук сытар үс нэһилиэккэ баран кэллибит – Өспөх, Чэриктэй, Түүлээх. Бары нэһилиэктэргэ сүөһүлэрин үүрэр сирдээхтэр, уруккуттан ууга барарга бэлэм нэһилиэктэр буоланнар, олохтоохтор барытын бэркэ билэллэр”, — диэн Уус Алданнааҕы ЕДДС салайааччыта Дмитрий Крылов бэлиэтээтэ.
Билиҥҥи туругунан, ууга барар кутталлаах алта нэһилиэккэ 1624 киһи олорор, онтон 479 оҕо, барыта 594 киһи олорор дьиэтэ баар. Бу нэһилиэктэргэ 12 (ПВР) быстах кэмҥэ олорон кэтэһэр сир баар. Биир бөртөлүөт күннэтэ дьуһуурустубалыыр. Нэһилиэктэри уу ылар түгэнигэр быһааччылар тута барарга бэлэмнэр.
Салайааччы этэринэн өрүс хамсааһына ыам ыйын 20 иннинэ буолуоҕа, бу күннэргэ сэрэтии үлэтин ыыта уонна нэһилиэнньэни кытары көрсүһэ Оҕуруоттаах, Хоноҕор, Арыы-Тиит нэһилиэктэргэ сылдьыахтаахтар.
Томпо улууһугар Алдан өрүскэ харыы тахсар түгэнигэр сэттэ нэһилиэк ууга барыан сөп: Хаандыга, Кириэс-Хальдаайы, Мэҥэ-Алдан, Кэскил, Дьабарыкы-Хайа, Новай, Охотскай Перевоз.
Таатта оройуонугар саамай уустук балаһыанньа буолара сабаҕаланар. Ууга барар кутталлаах нэһилиэктэр: Ытык-Күөл (Таатта өрүс), Хара-Алдан (Алдан өрүс), Харбалаах, Даайа-Амма уонна Чымынаайы (Амма өрүс). Кыра үрэхтэргэ уу таһыма үрдүөн сөп, онон Мэҥэ-Хаҥалас Суолатыгар эмиэ ураты болҕомто ууруллуоҕа.
Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников этэринэн, бу оройуоннарга өрүс мууһа ыам ыйын иккис аҥарыгар устуоҕа. Кини быстах кэмҥэ олорор пууннары, сүөһү аһылыгын уонна эмп-томп саппааһын бэлэмнииргэ, ыксаллаах быһыы-майгы систиэмэтин бэрэбиэркэлииргэ, о. д. а. сорудахтаата. Ону тэҥэ, үрдүк сирэ суох ууга барар кутталлаах сирдэргэ ураты болҕомтону ууруохха наада диэн бэлиэтээтэ, маннык нэһилиэктэргэ быыһааччылар олоруохтара.
Дэлби тэптэрии үлэтигэр 25 туонна взрывчатка бэлэмнэннэ.
This post was published on 02.05.2023 15:05 15:05