Уус-Алдан Бороҕонугар 450 миэстэлээх оскуола тутуохтара

Уус-Алдан Бороҕон нэһилиэгин Мүрү 2№-дээх оскуолатын оннугар үс этээстээх саҥа оскуола тутуллуо. Бу туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин тутууга уонна дьиэни-уоту кэтээhиҥҥэ судаарыстыбаннай Управлениета иһитиннэрдэ.


«450 миэстэлээх үс этээстээх оскуола 5854,87 кв миэтэрэ иэннээх буолуо. Саҥа оскуолаҕа 17 үөрэнэр кылаастар, лаборатория хоһо, мастарыскыайдар, спортивнай, гимнастическай саалалар, 150  миэстэлээх остолобуой, бибилэтиэкэ, методическай хостор, 270 миэстэлээх актовай саала баар буолуохтара», — диир Управление салайааччыта Павел Аргунов.

Оскуола дьиэтэ доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоҥҥо табыгастаах гына оҥоһуллуо, оскуола тиэргэнигэр оҕо оонньуур былаһаакката, физкультурнай-спортивнай балаһа баар буолуохтара.

This post was published on 15.04.2021 13:02 13:02