Быйыл «Тотальнай дьыктаан» аахсыйа киин куоратынан Дьокуускайы талбыттара. Уус Алдан улууһугар 22 бибилэтиэкэҕэ ыытылынна. Быһа холоон оҕолуун, улахан дьоннуун 370 киһи кытынна.
Саха сирин олохтоохторугар икки бүк эппиэтинэстээх түгэн. Тиэкис ааптара суруйааччы Дмитрий Глуховскай бэйэтинэн кэлэн, кыттааччылары эҕэрдэлээн, дьыктааны суруттарда. Онон дьаһал хас улуус ахсын бибилэтиэкэлэргэ онлайн-трансляциянан тэрилиннэ.
«Улууспутугар 22 бибилэтиэкэҕэ аахсыйа ыытылынна, быһа холоон оҕолуун, улахан дьоннуун 370 киһи кытынна. Ону таһынан оскуола оҕолоругар, саастарынан үс бөлөххө арааран, квиз-оонньуулар сэргэхтик аастылар. Манна барыта 151 үөрэнээччи кытынна. Дьыктаан бүтэһиктээх түмүгэ бэнидиэнньиккэ биллиэҕэ«, — диэн улуустааҕы киин бибилэтиэкэттэн иһитиннэрдилэр.
«Тотальнай дьыктаан» аахсыйа 2004 сыллаахха Новосибирскай куораттан саҕаланан, 2011 сылтан Арассыыйа уонна дойду таһымыгар тахсыбыта, суруйда https://www.instagram.com/muru.sahargata/
This post was published on 12.04.2021 10:01 10:01