Аҕыйах хонуктааҕыта улууспут сириттэн-уотуттан Муус үйэ аарыматын түүлээх носорог уҥуоҕа көстүбүт үһү диэн сурах тарҕаммыта.
Маны өссө былырыын бэс ыйын бүтүүтэ Хомустаах бөһүөлэгин олохтооҕо Иннокентий Попов суолу оҥорууга үлэлии сылдьан булбутун туһанан кэпсээтэ.
Ону улуустааҕы түмэл үлэһиттэрэ хаартыскаҕа түһэрэн гуманитарнай чинчийии институтун учуонайдарыгар ыыппыттарын тута түүлээх носорог кырамтата буоларын быһаарбыттар.
Көстүбүт сирэ Хомустаах уонна Элэһин икки ардыгар Пуховтар өтөхтөрө диэн сир.
Булумньуну гуманитарнай чинчийии институтуттан археология лабораториятын научнай үлэһитэ Күннэй Пестерева, лабораннара Иван Обутов уонна Владислав Данилов кэлэн чинчийдилэр.
Көстүбүт уҥуохтары барытын хомуйан илдьэ бардылар. Онно лабораторияҕа чинчийиллэн сааһа, тыһы дуу, атыыр дуу буолара быһаарыллыаҕа.
Урукку да өттүгэр араас былыргы үйэтинээҕи кыыллар уҥуохтара көстүбүттэрэ. Ол эрээри, сүрүннээх мамонт уонна оҕус уҥуохтара буолаллар этэ. Онон түүлээх носорог кырамтатын көстүүтэ бастакы түгэн буолуо дии саныыбын.
Түүлээх носорог 8-14 тыһ. сыл анараа өттүгэр үөскүү сылдьыбыта биллэр. Аарыма кыыл арҕаһынан үрдүгэ сорох атыырдарын киэнэ 2 м. тиийэр эбит. Оттон уһуна 4,5 м. буолар диэн учуонайдар бигэргэтэллэр. Илин эҥээр улууска 1972 с. Чурапчыга түүлээх носорог бүтүн уҥуоҕа көстөн турар, суруйда Афанасий СЕКТЯЕВ | мюрюгазета.рф
This post was published on 30.07.2024 12:02 12:02