Уус-Алдан оройуонун үс нэһилиэгэр бөрөлөрү бултаһар биригээдэлэр үлэлииллэр. Кинилэри Суотту нэһилиэгэр бөрөлөр икки сылгыга саба түспүттэрин кэннэ тэрийдилэр диэн, СИА Саха сирин экологиятын пресс-сулууспатыгар сигэнэн иһитиннэрэр.
Сиэмэх кыыллар сэтинньи 18 күнүгэр Мэҥэ-Хаҥалас оройуонун кыраныыссатыгар Хаптаҕай бөһүөлэгиттэн биэс км тэйиччи сиргэ сылгыларга саба түспүттэрэ. Ол кэнниттэн Бэйдиҥэ, Сыырдаах уонна Суотту нэһилиэгин булчуттара биригээдэлэри тэриннилэр. Хас биирдии нэһилиэктэн 3-4- түү киһини хомуйдулар. Кинилэргэ бөрөлүүр көҥүлү, хапкааннары, биэтилэ иитэллэригэр тростары биэрдилэр.
Билигин биригээдэлэр бөрөнү бултааһыҥҥа былаахтары бэлэмнииллэр, «Буран» снегоходтары өрөмүөннүүллэр, ону тэҥэ сааны туһаныыга куттал суох буолуутун тиэхиникэтигэр инструктаж ааһаллар диэн, өрөспүүбүлүкэ экологияҕа министиэристибэтигэр бэлиэтииллэр.
This post was published on 23.11.2022 15:05 15:05