Уус Алдаҥҥа сиэдэрэй сиидэс баала буолла

Бэҕэһээ Бэйдиҥэҕэ «Дьүөгэ» түмсүү тэриллибитэ 10 сылын көрсө «Сиэдэрэй сиидэс баала» диэн бэрт сэргэх тэрээһин буолла. Бу туһунан түмсүү салайааччыта Майя Аржакова кэпсиир.


«Нэһилиэкпитигэр хас да түмсүүлээхпит. Биһиги «Дьүөгэбитигэр» 22 кэрэ куо сылдьар. Бэлиэ даатанан тэрийбит үөрүүлээх бырааһынньыкпытыгар аҕыс мааны далбар кытынна. Хас биирдии тахсыы барыта тус-туһунан кэрэ буолан, саалаҕа толору мустубут көрөөччүлэри үөртэ», — диэтэ Майя Иннокентьевна.

«Дьахтар симэҕэ» түһүмэх «хараҕы халтарытар» кэрэтинэн сөхтөрбүт. Манна «Алгыс хотун» эбэлэр түмсүүлэрин салайар Мария Никонова кыайыылаах тахсан үөрүү-көтүү буолбут. «Дьүөгэлэр» биир саамай көхтөөх кыттааччылара Люция Соловьева «Күннээҕи таҥас» түһүмэххэ мөккүөрэ суох бастаабыт. Дууһаны манньытар «Оҕо таҥаһыгар» Эбээн Бытантайтан кийиит, иистэнньэҥ Долина Шепелева ааттаммыт. Бэстээхтэн кэлбит ыалдьыт Анисия Сивцева  «Киэһээҥи былааччыйа» бирииһин туппут.  Гран-при хаһаайкатынан ырыаһыт, үҥкүүһүт, эдэр ийэ Валентина Андросова ылан, киниэхэ эҕэрдэ эриэккэһэ анаммыт.

Эр дьон, уолаттар тэрээһини улаханнык хайҕаабыттар. «Эһиги бааргыт олохпутун киэргэтээччилэр», — диэн ис сүрэхтэриттэн махтаммыттар, истиҥ ырыалары бэлэхтээбиттэр.

This post was published on 25.03.2016 17:03 17:03