Ол курдук, биир дойдулаахтара: суруналыыс, кыраайы үөрэтээччи, «Мүрү саһарҕата» хаһыат эппиэттиир сэкирэтээрэ Иннокентий Сыроватскай суруналыыстыка салаатыгар Василий Никифоров-Күлүмнүүр аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэни аан бастакынан ылла. Поэт Анатолий Старостин-Сиэн Кынат Москваҕа «Россия кинигэлэрэ» фестивальга кытынна уонна Кыһыл болуоссакка бэйэтин хоһоонун дуорааннахтык аахта. Манна даҕатан эттэххэ, дойду Президенэ Владимир Путин Ыйааҕынан Россия регионнарын уонна Москва куорат бастыҥ поэттара сыл аайы Кыһыл болуоссакка хоһооннорун ааҕыахтара.
Онтон да атын элбэх дьаһаллар ыытылланнар, үөрүүлээх түгэннэр тосхойоннор, уус алданнарга Литература сыла сэргэхтик, айымньылаахтык ааста. Олортон биирдэстэринэн «Куорсун» олохтоох ааптардар поэзияҕа уонна прозаҕа куонкурустара буолла.
Тохсунньу 20 күнүгэр бу куонкурус түмүгүн биллэрэр анал тэрээһин ыытылынна.
Куонкуруска киирбит үлэлэри уус-алданнар биир дойдулаахтара: СӨ Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, народнай поэт Иван Мигалкин, «Чолбон» уус-уран литературнай сурунаал кылаабынай эрэдээктэрэ Данил Макеев, филологическай наука кандидата Наталья Бурцева уонна олохтоох ааптар Гаврил Свинобоев көрдүлэр уонна сыаналаатылар.
Улуус дьаһалтатын дьиэтин кыра саалатыгар ыытыллыбыт истиҥ-иһирэх тэрээһини Василий Протодьяконов-Кулантай аатынан музей дириэктэрэ Зоя Мигалкина иилээн-саҕалаан ыытта. Тэрээһиҥҥэ улуус баһылыгын солбуйааччы Михаил Борисов уонна култуура улуустааҕы управлениетын начальнига Иннокентий Аммосов олохтоох ааптардары эҕэрдэлээтилэр.
«Куорсун» олохтоох ааптардар куонкурустарыгар 22 киһи кытынна. Прозаҕа уонна поэзияҕа холонон көрөөччү ааптардар айымньыларын икки бөлөххө: 50 сааһыгар диэри уонна онтон үөһээ саастаахтарга арааран сыаналаатылар.
Кыттааччылар ортолоругар дьиэҕэ олорор инбэлииттэр, эдэр ийэлэр, ыччаттар элбэхтэр. «Майаҕас», «Чараҥ» уо.д.а олохтоох түмсүүлэр кыттыбыттара кэрэхсэбиллээх. Олохтоох ааптардар айар үлэлэрин кэпсиир киэҥ ис хоһоонноох стендэлэр ыалдьыттар болҕомтолорун тартылар. Кулантай аатынан музей эдэркээн үлэһиттэрэ куонкуруска киирбит ааптардар айымньыларын аахпыттара айымньыларга саҥалыы тыыны биэрдилэр.
Зоя Мигалкина, Кулантай аатынан музей дириэктэрэ:
– «Куорсун» куонкуруска элбэх киһи кыттыбытыттан үөрдүбүт. Кинилэр ортолоругар киэҥ эйгэҕэ биллэр, ааҕааччы сэҥээриитин ылбыт ааптардар эмиэ бааллар. Холобур, Татьяна Находкина талбыт тиэмэтин ыһыктыбакка, хорутуулаахтык үлэлии сылдьар. Саҥа саҕалааччылар киниттэн үөрэниэххитин сөп.
Биллэн туран, саҥа суруйар дьон ыарырҕатара элбэх. «Хайдах суруллубут айымньы сиппит-хоппут айымньы буоларый, туох критерий баарый» диэн ыйыттахха, ыарырҕаталлар. Кириитикэлиир эмиэ ыарахан.
Биһиэхэ айар ааптардарбыт элбэхтэр. Ол гынан баран, кинилэр дьоҥҥо-сэргэҕэ биллибэттэр, сорохтор «чып» кистэлэҥинэн суруйаллар. Онон куонкуруспут сүрүн соругунан саҥа ааптардары киэҥ эйгэҕэ таһаарыы, кинилэри көҕүлээһин буолар. Куонкурус кыайыылаахтара «Чолбон» сурунаалга бэчээттэнэргэ мэктиэ ылаллара кинилэр айар талааннарын арыйалларыгар, инникитин өссө күүскэ үлэлииллэригэр көҕүлүөҕэр эрэнэбит.
«Кулуһун» кыттыылаахтара бу күн элбэх туһалаах сүбэлэри истэн, суруйааччылары кытары аһаҕастык ирэ-хоро кэпсэтэн, бэйэ-бэйэлэрин кытары чугастык билсэн, астынан тарҕастылар. Буолумуна даҕаны, суруйар киһи бэйэтигэр бүгэн хаалбатыгар, айар үлэ киэҥ-нэлэмэн хонуутугар муна-тэнэ сылдьыбатыгар, саҥаттан-саҥа айымньылары суруйарыгар маннык көрсүһүүлэр туһаттан атыны аҕалбаттар.
«Чолбон» сурунаалы кытары түһэрсиллибит сөбүлэһии быһыытынан, бу куонкурус бастыҥ айымньылара «Чолбон» сурунаалга уонна сурунаал «Сэмсэ» сыһыарыытыгар бэчээттэнэргэ мэктиэлэннилэр.
Куонкурус кыайыылаахтарынан поэзияҕа: Екатерина Свинобоева-Суһума, Матрена Матвеева-Мотуо; прозаҕа: Ариан Протопопов-Кулады, Иннокентий Попов буоллулар.