Уус Алдаҥҥа "Оттук сезона" анал эпэрээссийэ саҕаланна

Оттук сезона саҕаламмытынан өрөспүүбүлүкэ  үрдүнэн “Оттук сезона” диэн анал эпэрээссийэ балаҕан ыйын 12 күнүттэн алтынньы 31 күнүгэр диэри саҕаланна. Сүрүн сыалынан-соругугунан баһаар буолар түгэнигэр  дьон уокка былдьаныыта, эмсэҕэлээһинэ суох буоларын туһугар ананар. Дьон олорор, үлэлиир социальнай объектарыгар, олоҕу хааччыйыы эйгэтигэр баһаар буолбатын туһугар анал үлэ ыытыллыыта, диэн «Мүрү саһарҕата» суруйар.

Быйылгы сылга киирэн баран, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 28 баһаар ититиини хааччыйар эбийиэктэргэ буолла. Ол курдук, улахан хочуолунайдарга 12 баһаар, электротрансформаторнай подстанцияларга 9 баһаар, ититии уонна уотунан хааччыйыы эбийиэктэригэр 7 баһаар таҕыста. Баһаар буолбут сүрүн биричиинэлэринэн уот оборудованиетын саахалыттан, оттуллар уонна газ оһохтон уонна дьон уоту сэрэҕэ суох туттууларыттан буолаллар.

Уус Алдан улууһун сиригэр-уотугар быйыл сыл саҕаланыаҕыттан билиҥҥи кэмҥэ диэри уопсайа 22 баһаар буолла, былырыын бу кэмҥэ 19 баһаар тахсыбыта. Баһаарга биэс тиэхиньикэ умайда, үс эмсэҕэлээтэ, биир чааһынай дьиэ олоччу умайда, биир дьиэ, икки баанньык уокка эмсэҕэлээтэ, түөрт гараж олоччу умайда, биэс гараж уокка эмсэҕэлээтэ, биир уопсай дьиэ эмсэҕэлээтэ, дьон олорбот икки уопсай дьиэтэ олоччу умайда, дьон олорор биир уопсай дьиэтигэр электрощит умайыыта тахса сырытта, доруобуйа харыстабылын эбийиэгэр биир баһаар тахса сырытта. Ону таһынан сыбаалкаҕа икки умайыы тахса сырытта.

Улуустааҕы баһаары утары сэрэтэр үлэ салаата

This post was published on 13.09.2023 13:25 13:25