Уус Алдаҥҥа от былаана туолла

Хаартыска: Мүрү саһарҕата

Уус Алдан улууһугар от былаана туолла. Быйыл сайын 30,000 туонна оттоноро былааннаммыта. Балаҕан ыйын 2 күнүнээҕи туругунан 30679 туонна буолла.

Нэһилиэктэр бары кэриэтэ былааннарын толордулар. Арай Түүлээх нэһилиэгэ сүрүн ходуһалара баһаарга умайаннар, оттуур сирдэрэ лаппа аччаан турар. Онно ыаллара бээрийэлэр көмөлөһөргө бэлэмнэр.

Быйыл тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар көрдөрүүлэрэ мөлтөх. Улууска 5 тэрээһиннээх хаһаайыстыба баарыттан “Найахы» ТХПК эрэ былаанын толорбут. Итиннэ бука, оттуур сир тиийбэтэ оруоллааҕа буолуо. Онон бааһынай уонна кэтэх хаһаайыстыбалар хоннохтоохтук оттооһуннарын суотугар былаан туолла. Маны тэҥэ 3000 тн кур от баар диэн этэллэр. Ол аата быйылгы кыстык этэҥҥэ ааһарыгар эрэлбит улахан.

Афанасий Сектяев, Мүрү саһарҕата

This post was published on 04.09.2024 11:06 11:06