Саха сирин норуоттарын VIII-с спортивнай оонньуулара саҕаланаллара икки ыйтан ордук хонук хаалла. Хас биирдии нэһилиэккэ бэлэмнэнии сүпсүлгэнэ барара саарбахтаммат. Култуурунай тэрээһиннэргэ бэлэмнэнииттэн, улуус сүүмэрдэммит хамаандатын усбуордарыттан саҕалаан, хас биирдии олохтоох туох эмит кыттыгастаах буолар санааттан, бары күүһүн уурар былааннаах. Сир харааран, уу-хаар кууран, үгүс улахан көтүрүү, ырааһырдыы, көҕөрдүү, тупсаран тутуу субуотунньуктара саҕаланаллара, тутуу үлэлэрэ биллэ тэтимирэллэрэ күүтүллэр. Онон, бу кылгас кэм иһигэр улуус олохтоохторо бүттүүн түмсэн, бары күүһү улууспут социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар сүҥкэн суолталаах Оонньууларбытын көрсө турунабыт. Билигин хас биирдии нэһилиэккэ, чуолаан Оонньуулар спортивнай көрүҥнэрэ ыытыллар, улууска киирэр аартыктарга ыалдьыттары көрсөр эппиэтинэстээх икки нэһилиэк дьоно-сэргэтэ күүстээх бэлэмнэнии үлэтин ыыталлар.
Суоттуга успуорт маастардарын аллеята тутуллуоҕа
Өлүөнэ Эбэбит кэрэ айылҕатын кэрэхсии көрө-көрө устан кэлэн, Уус Алдан сиригэр-уотугар үктэммит ыалдьыттары биир бастакынан Суотту нэһилиэгин олохтоохторо уруйдуу-айхаллыы көрсүөхтэрэ. Бу кытылга үктэммит ыалдьыт, паром тохтуур сириттэн мыраан үрдүгэр тутуллубут “Хомус” стелаҕа диэри, Суотту нэһилиэгин баай устуоруйатын, нуучча, саха омук аан бастаан доҕордоспут ытык кытыла буоларын билэн-көрөн, салгыы Оонньуулар ыытыллар түөлбэлэригэр – Мүрү нэһилиэгэр айанныахтаах.
“Суотту кытылтан саҕалаан үөһээ мыраан үрдүгэр тутуллубут “Хомус” стелаҕа диэри араас оҥоһуктар туруоруллан, бөһүөлэк ис-тас көстүүтэ тупсарыллар, ыраастанар былаанаах. Кытылга кэлбит ыалдьыттары көрсөн, айах тутуу, сэмэй бэлэхтэри туттарыы буолуоҕа. Салгыы айаннаан иһэн биир дойдулаахпыт, бэйиэт, суруналыыс, байыаннай кэрэспэдьиэн Сергей Васильев – Борогонскайга аналлаах сквергэ ыалдьыттыахтара. Бу сквери саҥардан тутаары матырыйаалбытын булунан бэлэм олоробут. Ыччат ролигынан сүүрэр спортивнай былаһаакката баар. Онно успуорт маастардарын аллеята тутуллуоҕа. Уус Алдан улууһугар киирбиттэрин бэлиэтиир аарка стелатыгар ыалдьыттары көрсүү уопсай сиэрэ-туома ыытыллыаҕа. Итиэннэ эмиэ саҥардыллан тутуллара былааннанар “Хомус” стелаттан кыайыыга-хотууга, үрдүк ситиһиигэ кынаттаан, Оонньууларга атаарабыт.
Ыраастаныы үлэтин чэрчитинэн, Суотту орто оскуолатын волонтердарын көмөтүнэн, кытылбытын ыраастыахпыт. Суотту – Бороҕон нэһилиэгэр диэри өрөспүүбүлүкэтээҕи суолталаах суол кытыытын икки өттүттэн ыраастыырга тэрилтэлэринэн үллэстэн, субуотунньуктары былааннаан олоробут. Тохтобуллар ахсын баннердары иилиэхпит, сибэкки олордон симиэхпит. Хас биирдии тэрилтэ, чааһынай да дьон онно бэлэмнээхтэр. Итиэннэ тэрилтэлэр үлэһиттэрин бэйэлэрин эскиистэринэн, анал форма тиктэн эрэллэрэ хайҕаллаах”, – диэн нэһилиэк баһылыга Василий Иванов билиһиннэрэр.
Өлтөхтөр икки улуус быысаһар сирин тупсарыахтара
Улуус кыраныыссатыгар үктэнэр иккис аартык Өлтөх нэһилиэгин сирэ-уота буолара биллэр. Нэһилиэк дьонун-сэргэтин сүрүн соругунан, Мэҥэ Хаҥалас уонна Уус Алдан улуустарын быысаһар кыраныыссаларыгар, ыалдьыттары көрсүү сиэрин-туомун ыытыы буолар. Ол курдук, Өлтөх нэһилиэгинэн барыллаан 7000 ыалдьыт кэлэн ааһара былааннанар. Бу үтүмэн үлэҕэ олохтоохтор түмсэн, күүстэрин-уохтарын холбоон, үгүс субуотунньуктарга күргүөмүнэн тахсыахтара. Бөһүөлэк иһиттэн саҕалаан, “Мүрү” суол кытыытын ыраастыахтара, алаастар күрүөлэрин саҥардыыга турунуохтара. Маны сэргэ кыраныыссаҕа саҥа туалет тутуута, остуол, ыскамыайкалар оҥоһуллуохтара, улуус устуоруйатын кэрэһэлиир баннер, былаахтар туруоруллуохтара.
Оонньуулары көрсө Бэйдиҥэ уонна Арыылаах бөһүөлэктэрин билиһиннэрэр анал стелалар тутуллуохтара. Арыылаахха олохтоохтор бэйэлэрин кыттыгас үбүлээһиннэринэн спортсменнар аллеяларын тутар үтүө былааннаахтар. Бу үлэлэр хайысхаларынан былаахтар, тутуу матырыйааллара миэстэтигэр тиэрдиллэн, ыам ыйыттан күүстээх үлэҕэ турунуохтара. Олохтоохтор өссө биир соруктарынан, сыһыарыллыбыт улуустары: Үөһээ Халыма, Абый уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи устудьуоннар сойуустарын көрсүү буолар. Маны тэҥэ, Оонньуулар үөрүүлээх арыллыыларыгар Өлтөх нэһилиэгиттэн 89 киһи кыттыыны ылан, бэйэлэрин кылааттарын киллэрсиэхтэрэ.
Арыылаахха киэн туттар спортсменнарыгар – аллея
Арыылаахха тэрилтэ салайааччыларын көҕүлээһиннэринэн, успуорт маастардарыгар уонна хандьыдааттарыгар аналлаах аллея оҥоһуллара былааннанан, үлэтэ ыытыллан эрэр. Онуоха Арыылаахха олорор итиэннэ мантан төрүттээх биир дойдулаахтарын ааттарын түмэн, уопсайа 25 спортсмен бу аллеяҕа үйэтитиллиэҕэ.
“Хас биирдии успуорт маастарын уонна маастарга хандьыдааттар испииһэктэрин Бэйдиҥэтээҕи модельнай бибилэтиэкэ архыыбыттан, онно эбии успуорт бэтэрээннэриттэн, аймахтарыттан ыйыталаһан, аллеяҕа киирэр хас биирдии киһи чуолкайданна. Олохтоох дьаһалта аллея оҥоһуллар матырыйаалын көрөн, билигин оҥоһуллуохтаах миэстэтигэр тиэрдилиннэ. Аллея стендэбэй өттүн оҥоруу үбүн успуорт маастардара, маастарга хандьыдааттар бэйэлэрэ уонна кинилэр оҕолоро, аймахтара уйуннулар. Оҥоһуута, сакааска бэриллэр үлэтэ бара турар. Аллеяны тутуу үлэтин, патриотическай санаанан салайтаран, субуотунньук бэрээдэгинэн оҥоруохтаахпыт. Үлэни тэрийиигэ нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Иннокентий Артамонов уонна тэрилтэ салайааччылара турунуохтаахтар.
Тутуллар сирэ Орто Эбэ сүрүн оскуолатын иннигэр, аартыктан көстүүлээх буоларыгар талыллыбыта. Ону сэргэ спортивнай былаһаакка сирэ-уота буолан табыгастаах”, – диэн аллея тутуллуутун боппуруоһун сүрүннээччи Евдокия Карамзина билиһиннэрэр.
Тулунаҕа буулдьанан ытыыга түмсүөхтэрэ
Оонньууларга II Лөгөй нэһилиэгэр буулдьанан ытыы успуорт көрүҥэ ыытылларынан, нэһилиэнньэ ыалдьыттары көрсөрдүү былааннанан, үлэлээн-хамсаан олорор. Бу успуорт көрүҥэ оскуола спортивнай саалатыгар ыытыллыаҕа. Маныаха кэккэ кыра өрөмүөнү, оскуола тас өттүн тупсаран оҥоруохтара.
Үгэс буолбут сааскы субуотунньуктары кытта бэлэмнэнии үлэтэ эмиэ тэҥинэн барыаҕа. Ол курдук, эбэни, олорор түөлбэни, тэрилтэ тастарын ыраастаныыны таһынан, «Тулуна – Бороҕон» трассата, аартыктар ыраастаныахтара, суол өрөмүөннэниэ, баннердар саҥардыллан оҥоһуллуохтара. Тэрилтэ палисадниктара кырааскаланара, уулусса өттүгэр турар чааһынай дьон мастарын саһаанын, тиэхиньикэлэрин көһөрөллөрө, олбуордарын саҥардыылара, тупсарыылара, спортивнай уонна оҕо былаһааккатын өрөмүөннэрэ, мас олордуута, о.д.а. үлэ хара баһаам. Итиэннэ хас биирдии нэһилиэккэ улуустар дэлэгээссийэлэрэ сыһыарыллыбытынан, тулуналар аммалары көрсөргө бэлэмнэнэллэр.
This post was published on 29.04.2022 16:01 16:01