Мүрү нэһилиэгэр олохтоох ыал Валентина, Николай Местниковтар бэҕэһээ Бокуруоп күн хаар анныттан хортуоппуйдарын ороон «бассаап олохтоохторун» сөхтөрдүлэр. Биллэн турар, үгүс өттүн күһүн хостообуттар эрээри, быйыл боруобаҕа икки кирээдэни хаалларан үүннэрэ түһэргэ санаммыттар.
Бэҕэһээ биир кирээдэттэн куултан ордук аһы ылбыттар. Бу туһунан хаһаайка Валентина Местникова маннык кэпсээтэ:
– Кэргэним Николай Лаврентьевич дьээбэҕэ былырыыҥҥыттан итинник эксперименниир. Былырыын үүнүү үчүгэй буолан, биир кирээдэттэн элбэх баҕайы бөдөҥ хортуоппуйу ылбыппыт уонна быйылгытааҕар биир нэдиэлэнэн эрдэ хостообуппут. Ол орообут хортуоппуйбутуттан биир куулу сиэннэрбит сылдьар «Мүрүчээнэ» оҕо тэрилтэтигэр биэрбиппит.
Быйыл үүнүү былырыыҥҥытааҕар мөлтөх соҕус, былырыын барыта 33 куулу ылбыт эбит буоллахпытына, быйыл 20 куулу ыллыбыт. Күһүн наһаа ардаата, тоҥорон да ылла, ол да буоллар хортуоппуйбут бэртээхэй. Буор сылаас буолар эбит. Хаалларар кирээдэбитин хортуоппуй угунан сабан кэбиһэбит. Иккис кирээдэбитин хостуурбут хаалла.
Күммүт-дьылбыт сылтан сыл сылыйан иһэргэ дылы. Онон кылгас сайыннаах Сахабыт сиригэр хортуоппуйу Николай Местников курдук үүннэрэ түһэн баран ылар куһаҕана суох буолсу дуу?
Мария Аргунова, Мүрү Саһарҕата
This post was published on 15.10.2024 18:19 18:19