Уус Алдаҥҥа “Кэрэ ситим – ийэ кыыс оҕотунаан” күрэс ыытылынна

Россия Ийэлэрин күнүгэр анаммыт «Кэрэ ситим – ийэ кыыс оҕотунаан» диэн куонкурус бэрт сэргэхтик ааста. Күрэс тэрийээччилэринэн «Мындааба» СК (дириэктэр В.В. Колесова), улуус дьаһалтатын дьиэ кэргэни уонна ыччаты кытта үлэлиир управлениета (начальник В.И. Андросова), улуустааҕы психологическай киин (салайааччы С.П. Никитина) буоллулар.

Күрэскэ түөрт ийэ кэрэчээн кыргыттарынаан кытыннылар. Кыттааччылар бэйэни билиһиннэрии, күөрчэҕи ытыйыы, талба талааны көрдөрүү, “Сытыы өй” түһүмэх ыйытыыларыгар хоруйдуур, “Ураты көстүүлээх дьиэ кэргэн” киэһээҥҥи мааны таҥаһы көрдөрөр түһүмэхтэргэ күрэстэстилэр.

Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан бастакы миэстэни  Саргылаана Макарова кыыһынаан Аяриналыын (Мындааба бөһ.), иккис миэстэни Анна Турантаева кыыһынаан Жанналыын (Бээрийэ нэһ); үһүс миэстэни Валентина Макарова кыыһынаан Дианалыын (Мүрү нэһ.) ылары ситистилэр. 

Мүрү нэһилиэгиттэн Алена Мылаханова  кыыһынаан Анжелиналыын «Чэгиэн туруктаах дьиэ кэргэн» анал ааты ыллылар. Күрэх кыттааччыларыгар анал дипломнар, сыаналаах бириистэр туттарылыннылар. Кыттыылаахтар бары элбэх оҕолоох улахан дьиэ кэргэн күн-күбэй ийэлэрэ буолаллара куонкурус суолтатын үрдэттэ, киэргэттэ, суруйда Матрена Готовцева, “Мындааба” СК уус-уран салайааччыта, @uamurusahargatа

This post was published on 26.11.2024 17:03 17:03