Уус Алдаҥҥа Баатаҕай нэһилиэгин Эрбэһин сиригэр-уотугар төрөөбүт-үөскээбит, Саха сиригэр аата киэҥник биллибит Иван Александров – Күүстээх Уйбаан олорбут балаҕанын чөлүгэр түһэрии үлэтэ-хамнаһа торумнанан саҕаланна, Мүрү Саһарҕата суруйар.
Бэҕэһээ Эрбэһиҥҥэ туох үлэ бара турарын билээри улуус музейын дириэктэрэ Павел Пермяков салалтатынан ытык киһибит төрөөбүт-сиригэр айаннаатыбыт.
Ол курдук, историческай пааматынньыктары чөлүгэр түһэрии үлэтинэн дьарыктанар тэрилтэ салайааччыта, “Уран-Дизайн” ХЭТ дириэктэрэ Вячеслав Яроев бэйэтин үбүнэн-харчытынан үлэни иилээн-саҕалаан ыытан эрэр. Быйыл балаҕан үрдүн бөҕөргөтөн, үрдүн кырыыһатын оҥорбуттар, салгыы үп-харчы хамсаатаҕына үлэ салгыы барара күүтүллэр.
Историческай суолталаах культурнай пааматынньыктары харыстыыр өрөспүүбүлүкэтээҕи департамент салайааччыта Николай Макаров быйыл сайын тахса сылдьан, бу үөһээ ааттаммыт тэрилтэни кытта кэпсэтэн, бастакы хардыы оҥоһулунна диэн этиэхпитин сөп.
Эрбэһин маанылаах сиригэр бааһынай хаһаайыстыбанан дьарыктанар Владимир Жирков бу үлэҕэ көх-нэм буолбутун бэлиэтиир тоҕоостоох, ол курдук өссө 1990-с сыллардаахха балаҕан сууллар туруктааҕын бэлиэтии көрөн, уон икки баҕана маһы туруоран балаҕаны сууллартан быыһаабыт.
Олохтоох дьон кэпсииринэн, балаҕаны ааспыт үйэ түөрт уонус сылларыгар Харыйалаах диэн сиртэн көһөрөн аҕалан туппуттар. Маннык историческай пааматынньыктары хараанныыр үлэлэр бараллара биһирэнэр эрэ, ол курдук оройуон, нэһилиэктэр салалталара, түмэл үлэһиттэрэ, общественность бу үлэлэргэ кыттыһаммыт, кэлэр кэнчээри ыччакка тутууларбытын туруктаах хаалларар эбээһинэстээхпит.
Александр Сивцев, Уус Алданнааҕы түмэл үлэһитэ
This post was published on 18.10.2024 19:23 19:23