Уус Алдаҥҥа халаан уута "Бороҕон" суол учаастагар халыйда

Хаартыска: ЯСИА саайта

Өлүөнэ эбэҕэ уу таһымнаан, «Бороҕон» суол учаастагын ылла. Ол туһунан суол управлениета иһитиннэрдэ.

Суол км 25 – км 27 учаастагар (Суотту — Бороҕон хайысханан паромунан айаҥҥа киирэр суол) айан бохсулунна. Мониторинг барар.

This post was published on 17.05.2024 12:28 12:28