Бу күннэргэ Уус Алдан улууһун Дүпсүн орто оскуолатыгар СӨ үөрэҕириитин туйгуна Парасковья Эдуардовна Иванова аатынан улуустааҕы эрудиттар биирдиилээн уонна хамаанданан бастыыр иһин күрэхтэһиилэрэ онус төгүлүн олус тэрээһиннээхтик ааста.
Парасковья Иванова өй-санаа, сиэр-майгы өттүнэн уһулуччу сайдыылаах, үлэтигэр бэриниилээх, оҕо аймах кутун-сүрүн туппут, саҥаттан саҥаны олоххо киллэрэр тобуллаҕас өйдөөх-санаалаах, салайар талааннаах, бар дьонугар кэрэни эрэ кэрэһилиир үтүө-мааны киһи, учуутал этэ.
Бу күн кини бииргэ төрөөбүттэрэ, уолаттара, сиэнэ Парасковья Эдуардовна, сыллата тэрээһин сүрүн бириистэрин туруорар оскуолаҕа бииргэ үөрэммит доҕотторо, үөрэппит оҕолоро, Саха судаарыстыбаннай университетыгар бииргэ үөрэммиттэрэ ХИФУ математикаҕа уонна информатикаҕа институтун дириэктэрэ Вера Афанасьева, ХИФУ математикаҕа уонна информатикаҕа институтун үөрэтэр-методическай салаатын сэбиэдиссэйэ Оксана Егорова, Намнааҕы үөрэх киинин математикаҕа учуутала Гаврил Диодоров, Аутсорсинговай тэрилтэ толорор дириэктэрэ Яков Максимов кэлэн кыттан бардылар.
П.Э.Иванова кэриэһигэр ыытыллар олимпиаданы уон сыл тухары өйөөн, бэйэлэринэн тэрийсэн, математика олимпиадатын садаачаларын толкуйдаан, Дүпсүн орто оскуолатын дьиҥнээх доҕотторунан буолбут СӨ үтүөлээх учууталын, Арассыыйа уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитин, Дьокуускай куорат 12 №-дээх оскуолатын математикаҕа учууталын Александр Чиряевы уонна Михаил Алексеев аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреатын, Арассыыйа уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитин, СӨ үөрэҕириитин туйгунун, Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт математикаҕа үрдүк категориялаах учууталын Алексей Павловытэрээһин кыттыылаахтара мэлдьи буоларын курдук үөрэ-көтө, өрө көтөҕүллэн көрүстүлэр.
Барыта 6 хамаанда күрэхтэстэ: Өнөр, Суотту, Мүрү 1 №-дээх, Дүпсүн, Лөгөй, Дьокуускай куорат 12 №-дээх (зачету таһынан) оскуолалара. Куораттан кэлбит хамаанда Уус Алдантан төрүттээх оҕолорунан сүүмэрдэнэн кэлбитэ кэрэхсэбили тарта. Оҕолор математика олимпиадатын сорудахтарын толордулар, брейн-ринг оонньоотулар, түмүгэр муҥутуур кыайыылаах быһаарылынна. Күрэс түмүгүнэн маҥнайгы миэстэни Өнөр, иккиһи Мүрү 1 №-дээх, үсүһү Суотту оскуолалара ыллылар. Муҥутуур кыайыылааҕынан Өнөр орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ Вася Борисов тахсан, Парасковья Эдуардовна оскуолаҕа бииргэ үөрэммит оҕолоро туруорбут ноутбук бирииһин ылан үөрдэ, махтанна. А.К.Чиряев ыытар головоломка күрэхтэһиитигэр Дүпсүн оскуолатын үөрэнээччитэ Ян Ефимов (7 кылаас) иккис төгүлүн кыайыылаах аатын сүгэн, Парасковья Эдуардовна үөрэппит оҕолоро туруорбут ноутбук бирииһинэн наҕараадаланан эмиэ үөрүүтэ баһаам. Брейн-ринг күрэскэ Дүпсүн оскуолатын хамаандата кыайыылааҕынан таҕыста. Биирдиилээн түмүгү таһаарыыга Дьокуускай куорат 12 №-дээх оскуолатын үөрэнээччитэ, Уус Алдан Чэриктэйиттэн төрүттээх Уйусхан Шелковников бастакы миэстэҕэ таҕыста. Кини “Бастыҥ эрудит” аатын сүгэн, бүтүн Арассыыйатааҕы агитбиригээдэлэри көрүү иккис истиэпэннээх лауреата “Зорянка” агитбиригээдэҕэ сылдьыбыттар туруорбут бириистэринэн – планшетынан наҕараадаланна. П.Э.Иванова бу агитбиригээдэни учуутала РСФСР үөрэҕириитин туйгуна Е.И.Егорованы кытта салайсыбыта, сценарийдары суруйууга үгүс сыратын биэрбитэ. Иккис миэстэни Өнөр оскуолатын үөрэнээччитэ Вася Борисов ылла. Үһүс миэстэҕэ Дүпсүн оскуолатын үөрэнээччитэ Дима Румянцев таҕыста. Манна даҕатан аҕыннахха, Дима Румянцевкулун тутар 14 күнүгэр Мүрүгэ ыытыллыбыт Монголияҕа Арассыыйа генконсулунан, СӨ Тас сыһыаннаһыыларга миниистиринэн таһаарыылаахтык үлэлээбит А.В.Мигалкин 60 сааһыгар аналлаах “Эдэр дипломат” күрэскэ бастакы миэстэни ылла.
Тэрээһиҥҥэ кэлбит математика учууталлара нуучча тылын олимпиадатыгар кытыннылар. Мүрү, Суотту, Лөгөй учууталлара кыайыылаахтарынан буоллулар.
Бу күн биир уратытынан, эбии үөрэхтээһин киинигэр ХИФУ математикаҕа уонна информатикаҕа институтун итиэннэ Дүпсүн орто оскуолатын икки ардыларыгар бииргэ үлэлээһиигэ сөбүлэһии түһэрсии тула киэҥ кэпсэтии ыытыллыбыта буолла. Сөбүлэһии торумун дьүүллэстилэр, ситэрэн-хоторон илии баттаһыыга бэлэмнэрин биллэрдилэр. Ити курдук, элбэх соруктары туруордулар.
Олимпиадаҕа, буоларын курдук, элбэх үгүс ааттар, оҕолору сайыннарар литэрэтиирэлэр бириискэ турдулар.
Дьоһун тэрээһин туһунан П.Э.Иванова университекка бииргэ үөрэммит үөлээннээҕэ Яков Максимов: “Парасковья Эдуардовнаҕа аналлаах тэрээһини төбөбөр киинэ курдук эргитэбин. Наhаа да үтүө тэрээhин! Бачча тухары араас тэрээhиннэри көрдүм ини, көрбөтүм ини. Ол гынан баран, маннык хас да көлүөнэ биир санаалаах, сыаллаах-соруктаах түмсэн көхтөөхтүк тэрээhин ыыталларын аан бастаан көрдүм. Учууталлар оҕолору кытта тэбис тэҥҥэ үөрэллэриттэн-көтөллөрөрүттэн астынным. Саастаах киhибин, учууталбын, завучпун, дириэктэрбин диир биир да үрдүктүк туттубут киhи суох! Бары ис дууhаларыттан оҕолор тустарыгар “ыалдьыбыт”, кырдьык да сарсыҥҥыбыт сардаҥалаах, кэлэрбит кэскиллээх буоллун диэбит үлэһиттэр диэн сөхтүм, үөрдүм, киэн тутуннум”.
Ити курдук, Парасковья Эдуардовнаҕа аналлаах интегрированнай олимпиада үрдүк таһымнаахтык ыытыллан, кэлбит ыалдьыттар биһирээтилэр, оҕолор билиилэрэ үчүгэй диэн бэлиэтээтилэр, Дүпсүн оскуолатын кэлэктиибигэр дириҥ махталларын эттилэр.
Ыспыраапка
Парасковья Эдуардовна Иванова 1959 с. Уус Алдан Дүпсүнүгэр Вера Иннокентьевна, Эдуард Никитич Готовцевтар дьиэ кэргэннэригэр күн сирин көрбүтэ. Оскуолаҕа өрүү туйгуннук үөрэммитэ. Бастыҥ спортсменка, ырыаһыт, үҥкүүһүт этэ. Пионерскай этэрээт, дружина советын бэрэссэдээтэлинэн, Комсомольскай тэрилтэ сэкирэтээринэн үлэлээбитэ. Хас да төгүл «Бэлэм буол» хаһыакка Володя Ульянов дневнигэр тахсыбыта.
Өрөспүүбүлүкэҕэ хас да төгүл бастаабыт «Зорянка» агитбиригээдэ тэриллиэҕиттэн бэриниилээх кыттыылааҕа, кэлин бэйэтэ агитбиригээдэни салайбыта. Саха сиригэр бастакы Космонавтика музейын маҥнайгы экскурсовода этэ.
Оскуоланы 1976 с. бүтэрээт, СГУ физика-математика бакылтыатыгар үөрэнэ киирбитэ. 1982 с. «Дүпсүн» сопхуоска комском сэкирэтээринэн үлэлээбитэ. 1986 сылтан Дүпсүн оскуолатыгар математика учууталынан үлэлээбитэ. Кини уруоктарын куруутун чопчу сыаллаах-соруктаах, интэриэһинэй, оҕо болҕомтотун тардар гына ыытара. Уруогун хас биирдии түһүмэҕэ оҕо толкуйдуур, суоттуур дьоҕура сайдарыгар туһуланара. Педагогическай маастарыстыбатын сыл ахсын араас сэминээрдэргэ, куурустарга үөрэнэн, элбэх литэрэтиирэни хасыһан, чинчийэн үрдэтинэрэ. Бэйэтин уопутун, билбитин-көрбүтүн биир идэлээхтэрин кытары үллэстэрэ. МО салайааччытынан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Бэлэмнээбит оҕолоро улуустааҕы математика олимпиадаларыгар ситиһиилээхтик кыттаннар учууталларын үөрдэллэрэ. Парасковья Эдуардовна бэйэтэ эмиэ оҕо курдук уйаҕас, нарын дууһалаах буолан, үөрэппит оҕолоругар ийэлии истиҥ сыһыаннаах этэ. Оҕо, киһи быһыытынан сайдарыгар билиитин-көрүүтүн, дьоҕурун, дууһатын ууран үлэлээбитэ.
Түөрт уол, биир кыыс күн күбэй ийэтэ буолар дьолу билбитэ. Киһи киһиэхэ киһилии сыһыанын, үлэҕэ-үөрэххэ дьулууру, олоххо тапталы оҕолоругар кыра эрдэхтэриттэн иҥэрбитэ.
This post was published on 20.03.2018 16:30 16:30