Уус Алдаҥҥа маһынан дьарыктанар урбаанньыт, Мүрү нэһилиэгин “Маяк” түөлбэтин олохтооҕо Иван Васильев быстах хомуургы ыҥырыллыбыт биир дойдулаахтарбыт дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөр баҕаттан, пилораматыттан оттук маһы биэрдэ, диэн Мүрү саһарҕата суруйар.
Ол маһы бүгүн нэһилиэк дьаһалтатын үлэһиттэрэ уонна нэһилиэк түөрт оскуолатыттан биирдии киһи, урбаанньыттар Ньургун Афанасьев, Ньургун Копырин тахсан, эрбэтэн, хайытан, тыраахтар биирдии прицебин үс ыалга тиэйэн киллэрдилэр.
Тымныыны аахсыбакка үлэҕэ туруммут эр бэртэрин күнүскү итии аһылыктарын “Маяк” түөлбэ олохтоохторо хааччыйдылар. Олохтоох Матрена Васильева сып-сылаас алаадьыны астаан, үлэһиттэргэ көмө буолла. Онон, «биир күн дьылы быһаарар» дииллэринии, кыһалҕалаах дьиэ кэргэттэри оттук маһынан хааччыйыы хорсун буойуттарбытыгар махтал бэлиэтинэн буолара саарбахтаммат.
Ольга Шепелева
This post was published on 01.12.2022 16:05 16:05