Кулун тутар саҥатыгар Уус Алданнааҕы ветеринария управлениетын үлэһиттэрэ күөл былыыгын хостуурга субуотунньук ыыттылар.
Бэтэринээрдэр сыл аайы маннык субуотунньуктары ыыталлар. Быйыл Тулуна бөһүөлэгин аттынааҕы күөлтэн 1,5 туонна былыыгы хостоон, барыта 120 брикети оҥордулар. Бу брикеттэргэ битэмииннэри, арыыны эбэн, сүөһүгэ олус туһалаах эбилиги оҥорон тарҕаталлар.
Уһун кыһыны быһа хотоҥҥо турбут, хаппыт отунан эрэ аһаабыт сүөһү доруобуйатыгар былыык (сапропель) олус туһалаах, элбэх битэмииннээх-минераллаах эбилик ас эбит. Былыыкка 26 % органическай бэссэстибэ, 42 % күл, 25 % кальций карбоната, кремний, фосфор, 1-6 % протеин, элбэх микроэлемент (марганец, молибден, алтан, кобальт), В2, В12 битэмииннэр, каротин бааллар. Күөл түгэҕэр от-мас, араас үөн-көйүүр, балыктар сытыйан, өр сылларга дьапталлан, айылҕа анаан айбыт бородууктата буолар. Урут, сэбиэскэй кэмҥэ, былыыктан ураты өссө дулҕаны, талаҕы, бэс, харыйа лабаатын быһан, кырбаан, сүөһүгэ эбии сиэтэллэрэ үүт, эт көрдөрүүтүгэр лаппа үчүгэйдик дьайара. Тоҕо диэтэр, хаппыт окко битэмиинэ, минерала тиийбэт, ону ааһан, хайдах хаачыстыбалаах от буолара эмиэ биллибэт. Онон маннык уопут киэҥник тарҕаныан наада.
Бэтэринээрдэр бу иҥэмтиэлээх бородууксуйаларын сүөһүлээх дьон хамаҕатык ылаллар.
—Сыл аайы былыыгынан аһатан баран, сүөһү туругун кэтээн, чинчийэн көрөбүт. Холобур, былырыын биохимическэй чинчийии көрдөрөрүнэн, сүөһү хаанын көрдөрүүтэ тупсубута бэлиэтэммитэ. Онон былыык сүөһү доруобуйатыгар олус туһалаах, наадалаах диэн чопчу билэбит. Инникитин да маннык субуотунньуктары оҥоруохпут уонна биһиги холобурбутун атын улуустар батыһалларыгар ыҥырабыт, — диэн Уус Алдан улууһун ветеринарияҕа управлениетын салайааччы Ирина Васильева этэр.
This post was published on 14.03.2018 10:54 10:54