Уус Алдаҥҥа баһаар буолбут сиригэр дьахтар өлүгүн буллулар

Уус Алдан оройуонугар баһаар буолбут сиригэр 1961 с. төрүөх дьахтар өлүгүн буллулар. Ол туһунан балаҕан ыйын 21 күнүгэр Саха сирин прокуратурата ааспыт сууккаҕа буолбут быһылааннар сводкаларын кэпсииригэр иһитиннэрдэ.

Баһаар Хомустаах нэһилиэгэр чааһынай дьиэҕэ буолла диэн чуолкайданар.

Санатан эттэххэ, балаҕан ыйын 18 күнүгэр Баатаҕай бөһүөлэгэр элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ баһаар миэстэтигэр эмиэ өлбүт киһини булбуттара.

This post was published on 21.09.2023 09:11 09:11