Дьокуускай полициятын отделыгар икки эдэр киһи халааһын тахсыбытын туһунан үҥсүү түһэрбит. Полиция үлэһиттэр урут сууттана сылдьыбыт, илин эҥэртэн сылдьар 19 саастаах киһини туппуттар. Бу туһунан Саха сиринээҕи ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Биэдэмистибэҕэ чуолкайдаабыттарынан, икки доҕоттор сарсыарда 5 чааска Киров уулуссатынан дьиэлэригэр төннөн иһэн, хас даҕаны буолан мустан турар эр дьону көрсүбүттэр. Кинилэртэн биирдэстэрэ сүүрдэн кэлэн, эдэр дьон төлөпүөнүн кырбаан туран былдьаабыт, уонна бэйэтин суотугар 6000 солкуобай харчыны көһөттөрбүт.
Буруйу оҥорууга уорбаланааччыны түргэнник булбуттар. Бу урут сууттана сылдьыбыт 19 саастаах эдэр киһи буолар. Ол эрээри, былдьаан ылбыт төлөпүөннэрин хайыы-үйэ комиссионнай маҕаһыыҥҥа туттарбыт. Маныаха, полиция үлэһиттэрэ маҕаһыыҥҥа баран төлөпүөннэри төннөрбүттэр.
Быһылаан тахсыбыт чахчытынан, холуобунай дьыала тэрилиннэ.
This post was published on 03.09.2024 14:02 14:02