Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыам ыйын 15 күнүттэн ууга сэрэхтээхтик сылдьыы ыйдара саҕаланнылар. Бу ыйдарга ГИМС иниспиэктэрдэрэ дьоҥҥо сэрэтэр үлэни ыытыахтара, ууга сэрэхтээх буолуу ирдэбиллэрин толоруу хайдаҕын хонтуруоллуохтара.
Ууга түһэн, былаҕайга былдьаммыттар түбэлтэлэрин ырытыы көрдөрбүтүнэн, сөтүөҕэ анамматах, көҥүллэммэтэх сирдэргэ сөтүөлээһин, арыгы иһэн баран сөтүөлээһин, ууга сылдьыы быраабылаларын кэһии уонна сэрэхтээх буолуу ирдэбиллэрин тутуспат буолуу алдьархай сүрүн төрүөттэринэн буолаллар. Биллэрин курдук, халлаан ардыы турдаҕына, тымныы, этиҥнээх, чаҕылҕаннаах күннэргэ сөтүөлүүр букатын көҥүллэммэт.
Ууга былдьаныы курдук хомолтолоох быһылааннар тахсыбаттарын туһугар РФ Ыксаллаах быһыыга-майгыга министиэристибэтин Саха сиринээҕи управлениета маннык сүбэлэри биэрэр:
* Төрөппүттэр, кыра саастаах оҕолоргутун ууга көрүүтэ-истиитэ суох ыытан кэбиһимэҥ, хараххыт далыттан сүтэримэҥ;
* Сөтүөҕэ анамматах, көҥүллэммэтэх сирдэргэ сөтүөлээмэҥ;
* Билбэт уугутугар умсумаҥ;
* Хааччахтаммыт кыраныыссаны бэлиэтиир буйкалар анараа өттүлэригэр барымаҥ;
* Ууга устар көлөлөргө (мотуордаах, баарыстаах, эрдиилээх тыыларга уо.д.а) чугаһаамаҥ;
* Ууга билбэт сиргититтэн, ыстанарга анамматах үрдэллэртэн ыстанымаҥ;
* Итирдэр утахтары иһимэҥ, ууга итирик кииримэҥ;
* Ууга умсууну уонна сөтүөлээччини тутан ылыыны кытта сибээстээх оонньуулары оонньоомоҥ;
* Мэниктээн, ууга түһэн эрэрдии сымыйа түрүлүөнү таһааран хаһыытаамаҥ;
* Ол-бу хаптаһыннарга, бэрэбинэлэргэ, массыына хаамыраларыгар, үрүллүбүт матараастарга сытан устумаҥ;
* Ууну сыыһырдымаҥ, киртитимэҥ;
This post was published on 17.06.2016 11:57 11:57