Ууга барбыт улуустарга оскуолалар туруктара хайдаҕый?

Хаартыска: Саха парламент саайт

Оттон үөрэх эбийиэктэрин ылан көрдөххө, Өймөкөөҥҥө уу Сордоҥноох оскуолатын кирилиэһигэр диэри тиийбитэ, дьиэ эмсэҕэлээбэккэ хаалла эрээри, муоста анныгар уу син биир киирбит, онон муостаны арыйан, куурдубуттар, ууну оботторбуттар.

Абый улууһун Кэбэргэнэ нэһилиэгэр уу оскуола харааһын ылбыт, онно оҕолору таһар тырааныспар турар эбит, тутуу матырыйаалын сакаастаан, ол харааһы чөлүгэр түһэриэхтээхтэр. Атын үөрэх эбийиэктэрэ эмсэҕэлээбэтэх буоланнар, оҕолор оскуолаҕа кэлэн, уу хаһан түһэрин кэтэстилэр. Быйыл оскуоланы бүтэрэн үөрэххэ киирэр оҕолорго, устудьуоннарга тустаах көмө оҥоһулунна.

This post was published on 04.09.2025 15:05 15:05