21 Сэтинньи 21.11
  • -31°
  • $ 100,22
  • 105,81

Уу суолунан сырыы сабыллар болдьоҕо олохтонно

17:32, 25 сентября 2019
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сирин улуустарыгар кыра кыамталаах уунан сылдьар тыылар сырыылара сабыллар болдьоҕо олохтонно. Бу туһунан СӨ Россия ыксаллаах быһыыга-майгыга министиэристибэтэ иһитиннэрэр.


Балаҕан ыйын 27 күнүттэн Анаабыр, Өлөөн, Усуйаана, Дьааҥы уонна Эбээн Бытантай оройуоннарыгар уу суола сабыллыа.

Алтынньы 1 күнүттэн — Аллайыаха, Абый, Муома, Өймөкөөн, Булуҥ уонна Эдьигээн оройуоннарыгар.

Алтынньы 5 күнүттэн — Халыма улуустарыгар, Мииринэй, Нерюнгри оройуоннарыгар уонна Бүлүү бөлөх улуустарыгар.

Алтынньы 10 күнүттэн — Алдан, Уус Майа, Уус Алдан, Томпо, Горнай, Амма, Чурапчы, Кэбээйи, Ленскэй, Өлүөхүмэ, Нам, Хаҥалас, Мэҥэ Хаҥалас, Дьокуускай куорат уонна Жатай бөһүөлэгэр.

Уу сырыытын суола сабыллыбытын кэннэ тыылары сөптөөхтүк харайан кыһыҥҥы тохтобулга туруоруу ирдэнэр диэн бэлиэтэнэр.

Источник: http://nvk-online.ru

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА