Уу суола аһыллан, Томпоттон куораттааччы элбээтэ

Томпо улууһун нэһилиэктэрин дьоно улуус киинэ Хаандыга бөһүөлэгиттэн Дьокуускай куоракка барарга сайыҥҥы кэмҥэ Өлүөнэ уонна Алдан өрүстэри туораан тиийэллэр. Ыам ыйын бүтүүтүттэн паромнар сырыылара саҕаланан айаннааччы элбээтэ.


Билигин Кэскил – Мэҥэ Алдан икки ардыгар баар Алдан өрүһүнэн паромнар массыыналары сарсыарда уонна киэһэ туораталлар. Күнүс техника элбэх эрэ буоллаҕына сырыы баар. Паромнары чааһынай дьон бас билэр буолан, бэйэлэрэ быһаараллар.

Техника араас көрүҥүн уонна дьону туоратыыга СӨ сыанаҕа политикатын судаарыстыбаннай кэмитиэтэ олохтообут тарыыбынан төлөбүрү ылаллар.

Томпо улууһунан Өймөкөөнтөн уонна Магадан уобалаһыттан кэлэн ааһаллар. Өрүс икки өттүгэр дьон сынньанар, аһыыр сирэ суох, ол иһин ыраахтан иһэр айанньыттар массыыналарыгар хоноллор, өйүөлэрин суутун, атын да бөхтөрүн кытылга мээнэ ыһаллар.

Оттон федеральнай суолтан туора сытар Байаҕантай нэһилиэгин үс сэлиэнньэтэ сайын устата биир эмэ паром кинилэр диэки тиийэрин кэтээн тахсаллар. Үксүн дьон мотуордаах оҥочонон туораан, таксиларга олорсон бараллар. Маҕаһыыннар табаардарын, тэрилтэлэр араас таһаҕастарын эмиэ оннук туораталлар.

Мэҥэ Алдантан антах суолу «Тааттавтодор» тэрилтэ көрөр, алдьаныы таҕыстаҕына оҥорор. Кэнники сылларга уу суолу хастыы да сиринэн суурайан эрэйи үөскэтэрэ. Быйыл суол сабыллан турар кэмигэр сааскы уу биир сиринэн кыратык алдьаппытын тэрилтэ биир күн иһинэн чөлүгэр түһэрбитэ.

Томпо — Дьокуускай хайысханан кыһыҥҥы өттүгэр  400-тэн тахса километры 6-8 чаас айанныыр буоллаххына, сайын 12 чааһынан киин куораты булуохха сөп.

This post was published on 02.06.2016 17:15 17:15