Утумнааһыны, удьуордааһыны уһуйааччы Анастасия Алексеева хатастар киэн туттуулара

«Ай, дьай» диэн саха санаалаах өйдөбүлүнэн өркөн өйгүнэн тобул, хамсат-имсэт, оҥор-тут диэн буолар. Онтон ол айар, дьайар кэм кэлиитэ, дьэ, ол киһи олоҕун тутулуттан, хардыытыттан, ситэн-хотон сайдыытыттан тутулуктаах. Айар, дьайар диэни өссө атыннык эттэххэ ай диэн ис турук, өйүҥ-санааҥ ситиитэ, дьай диэн тас турук – дьоҕур-талаан, сатабыл сайдыыта-үүнүүтэ буолар. Бу икки өйдөбүл тэҥҥэ хардыыластахтарына олох хайа баҕарар хайысхатыгар тахсыылаах, таһаарыылаах үлэ-хамнас, айыы-тутуу буолар.

Мин бүгүҥҥү кэпсээним ойуу-бичик, иис-күүс нөҥүө хараҕынан көрбүтүн, эт мэйиитинэн толкуйдаабытын дьоҥҥо-сэргэҕэ, оҕо аймахха арчылыыр, алгыстыыр, харыс, тус дьайыылаах, киэргэл-симэх, ахсаан, кэрдии ойууларынан тиэрдэр сэмэй да сэмэй Анастасия Ивановна Алексеева Хатастааҕы «Ситим» айымньы дьиэтин уһуйааччытын туһунан буолуо.

Кини туһунан аҕыйах тылынан этэр буоллахха, ханнык да үлэни ылыннар ылыннарыылаах тыллаах, ыһыктыбат илиилээх, кытаанах санаалаах буолан, хайа да хайысхаҕа хайҕабылга, холобурга сылдьар. Ол курдук бочуоттаах сынньылаҥҥа тахсыар диэри оҕуруот аһын үүннэриинэн таһаарыылаахтык, үтүө түмүктэрдээх үлэлээбит биригэдьиирдэртэн биирдэстэрэ. Уон оҕолоох үлэһит бэрдэ, элэккэй-тэлэккэй Герой Ийэ Клавдия Ивановна уонна Иван Иванович Пермяковтар дьиэ-кэргэттэригэр төрөөн-үөскээн, орто дойду олоҕун үтүөтэ үлэттэн кэлэр диэн өйдөбүлгэ иитиллибитэ, улааппыта. Ийэтэ Клавдия Ивановна туох да үлэттэн иҥнэн турбат иистэнньэҥ үтүөтэ, асчыт ааттааҕа, куруутун итии чаанньыгын тута сылдьар далбар этэ.

Биһиэхэ сахаларга туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх эбэтэр балык ыамнаах, киһи кэмнээх диэн өйдөбүл баар. Ону ырытар, сааһылыыр буоллахха, кэммин сыыһа туппатым да, олоҕум хайа баҕарар кэрчик кэмигэр айар-дьайар күнүм-дьылым баар. Ол курдук Анастасия Ивановна утум удьуор суолун тутуһан, өбүгэ үгэһин үйэтитэн, ирдэһэн туран иистэнэн, эккирэтиһэн туран тигэн, умсугуйан туран уран уйаҕас дууһаҥ аанын аһан, көлүөнэ ситимин ситиитин киэргэлэ – оҕолорго кэккэлэһиннэрэ олордон кэрэхсэтэн көрүөхтэн кэрэни,сэргэстэһэ олорон сэргэҕи айан-тутан таһаарар. Кини үлэлэрэ сиигэ тэҥинэн, ойуутун өҥө-дьүһүнэ табыгастаах дьүөрэлэһиитинэн, дириҥ ис хоһоонунан уратылаахтар. Дьиҥ сахалыы айылҕа өҥүн табан туһанар уонна туттар матырыйааллара эмиэ барыта айылҕаттан ылыллыбыт буолар.

Бүгүн ыам ыйын 20 күнүгэр Анастасия Ивановна «Өбүгэ ситимэ» диэн бырагырааманан үлэлээбитэ 5 сыллааҕы түмүгүнэн айар, тус быыстапката буолла. Бырагыраама аата да этэринэн төрүт үгэһи тутуһан, сайыннаран, олоххо киллэрэн оҕо аймах имигэс илиитигэр иилэн, талааннаах тарбаҕынан таарыйан, ылбаҕай өйүнэн ылынан төрүт иис кистэлэҥнэрин арыйар. Төрүт дьоммут ииһи мээнэҕэ иис-күүс диэбэттэр этэ. Иистэнэр киһи өйдүүн-санаалыын, эттиин-хаанныын күүстээх буоллаҕына эрэ дьиҥ чахчы мындырдаан, куурдан-хатаран, имитэн-хомутан уу да курдаттаабат, тыал да үрбэт, хаарга да сытыйбат таҥас-сап, иһит-хомуос тигиллэрэ. Ол барыта Анастасия Ивановнаҕа төрүт удьуор дьоммуттан бэриллибит диэн билинэр. Биэс сыл иһигэр сүрдээх элбэх үлэлэммит. Манна кыбытык да тигии, тимиринэн, оҕуруонан киэргэтии, кылынан өрөн да оҥоруу, аппликация даҕаны бааллар. Оҕолор бу эйгэни сөбүлээн, умсугуйан туран дьарыктаналлара киһини үөрдэр. Анастасия Ивановна этэринэн уһуйуллааччы уһуйааччыттан, уһуйааччы уһуйуллааччытыттан билии, сатабыл бэрсэннэр бэйэни ситэрсии, эпсиһии, байытыһыы түгэннэрэ аҕыйаҕа суохтар.

«Ситим» айымньы дьиэтин салайааччыта Саргылана Тарасовна Стручкова хас биирдии үлэһитэ сайдан – үүнэн, сылдьар ыырын кэҥэтэн, сатыыра, билэрэ эбиллэригэр ис сүрэҕиттэн кыһаллан үлэлиирэ биһиги «былыргы сэбиэскэй» дьон өйдөбүлбүтүнэн «кадры решают все» диэн өйдөбүл өйүгэр-санаатыгар кытаанахтык иҥмитин туоһута дии саныыбын. Анастасия Ивановна салайааччытыгар махтала улахан,эбии үөрэнэр-сайдар туһугар эбии үөрэхтэргэ ыытан билиим да дириҥээтэ, сатабылым да эбилиннэ диир. Манна даҕатан эттэххэ бу тэрилтэ хас биирдии үлэһитэ тус туһунан киһини кэрэхсэтэр дьикти кэрэ эйгэлээхтэр. Манна этэргэ дылы муоста да сууйа киирэн баран умсугуйан, уйуһуйан, сайдан уһуйааччы буолбуттар бааллар. Бу көстүү кэлэктиип ис туруга, ис эйгэтэ ил-эйэ, айыы-дьайыы, оҥоруу-тутуу туһугар аһаҕастарын көрдөрөр.
Бүгүҥҥү тэрээһин алгыс тылынан саҕаланан, аал уоттан көрдөһүүнэн ситэриллэн өбүгэ ситимин тутуһуу арылхай көстүүтэ буолла. Алгыс тылын аалын көтүппүт Вера Никитична Старкова бэлиэтээн эппитинэн бу тэрээһин бары өттүнэн быйылгы сыл өрөгөйдөрүн ситэрэн-хоторон биэрэр – Ийэ сыла, САССР 100 сыла, Арассыыйаҕа култуурунай нэһилиэстибэ сыла – бу манна барытыгар сөптөөх, барытыгар толору эппиэттиир ис хоһоонноох быыстапка хаһаайката, ааптара Хатас нэһилиэгин норуодунай маастара Алексеева Анастасия Ивановна дьоһун үлэтин түмпүтэ хайҕаллаах суол.

Быыстапкаҕа ыалдьыттыы кэлбит Дьокуускай куорат туонатыгар уерэх управлениятын салайааччылара уонна оҕо айымньытын дьиэлэрин, тэрилтэлэрин салайааччылара бары даҕаны саха киһитин сөҕүмэр талааныгар, өркөн өйүгэр сүгүрүйэллэрин эттилэр уонна Анастасия Ивановна курдук дэгиттэр дьоннор (тыа хаһаайыстыбатын кэннэ олох атын хайысха, атын эйгэ) баалларын тухары кэлэр көлүөнэ ыччакка үтүөнү-кэрэни, үйэлээҕи, мындыры тиэрдии уостуо суоҕа диэн эрэллэрин тириэртилэр. Ыалдьыттар өссө биир көстүүнү сэргии-кэрэхсии, хайҕыы санаабыттарын тириэрдэбин – бу маннык тэрээһиҥҥэ нэһилиэк тэрилтэлэрэ биир буолуу, түмсүү тыыныгар киллэрии көстүүтүн олохтоох дьаһалта салайааччыта Пермяков Евгений Петрович эҕэрдэтэ, «Тускул» КК эҕэрдэтэ өссө Эбии үөрэхтээһин аксакала А.П.Колочев дьиэ-кэргэнин тустаах бириэмийэтин кини кэргэнэ Хатас нэһилиэгин убаастанар киһитэ, учуутала Клара Васильевна Колочева туттарыыта олох чаҕылхайдык көрдөрдүлэр.

Ити курдук бүгүҥҥү Илгэлээх Илин халлаан ил гынар ичигэс салгынын курдук ил – эйэ тыыннаах, Сир ийэ барахсан сириэдийэ чэлгийэргэ бэлэмнэнэр, сэргэхсийэ сөхсүнэр сырдык сыдьааннаах сааскы кэм биир күнэ олус үчүгэй тэрээһини эҕэрдэлииргэ дылы гыммыт чаҕылхай күн уоттаах, күп – күөх халлааннаах күн бу кэпсээннээх буолла.

Ааптар: Наталья Руфова, Хатас

This post was published on 20.05.2022 17:07 17:07