Орто Халыма куоратыгар уорууга түбэһэн, усулуобунай миэрэнэн сууттаммыт дьахтар көҥүлэ быһылынна.
Үөһээ Халыматааҕы оройуоннай суут кинини РФ Холуобунай кодексатын 158-с ыст. 2-с чааһын “в” пуунунан, ол эбэтэр, улахан хоромньуну таһааран уорууга, буруйдааҕынан билинэн, 2 сылга көҥүлүн быһары усулуобунайынан ааҕан, 2 сыл 6 ый тургутар болдьоххо уурбут.
Дьахтар суут уурааҕын толорон, көнөр суолга турбутун ити болдьох кэмигэр дакаастыахтаах этэ. Онуоха баара, үлэҕэ да киирбэтэх, арыгы иһэрин да тохтоппотох, уопсастыбаннай бэрээдэги да куруук кэһэр эбит.
Итинэн сибээстээн, усулуобунай миэрэлээхтэри кытары үлэлэһэр холуобунай-исполнительнай инспекция начальнига суукка сурук киллэрэн, ону прокуратура өйөөбүт.
Суут бу уоруйах дьахтар усулуобунай миэрэтин көтүрэн, 2 сылга көс-холуонньаҕа көҥүлүн быһарга уурбут.
This post was published on 29.06.2016 15:31 15:31