Усуйаана оройуонун Депутатскай бөһүөлэгэр киин балыыһа хапытаанай өрөмүөн ыыттылар, диэн СИА-ҕа регион Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин пресс-сулууспатыгар иһитиннэрдилэр.
«Дьиэ өрөмүөннэннэ, пластиковай түннүктэр туруорулуннулар, хоруобуйатын уларыттылар. Бэдэрээтчит үлэтин болдьоххо уонна хаачыстыбалаахтык толордо. Бөһүөлэк олохтоохторо үлэ түмүгүн сыаналаатылар уонна астыннылар», — диэн киин балыыһа кылаабынай бырааһа Матрена Потапова бэлиэтээтэ.
Санатан эттэххэ, доруобуйа харыстабылын бастакы звеноларын саҥардыы бырайыага 2025 сылга диэри былааннанар.
This post was published on 25.10.2022 14:03 14:03