Усуйаана улууһугар тырааныспар сырыыта хааччахтанна

Усуйаана улууһун суолларыгар тырааныспар сырыыта хааччахтанна. Саха сирин тырааныспарга  министиэристибэтэ иһитиннэрбиттэринэн, бу күн-дьыл усулуобуйата мөлтөөһүнүн кытары сибээстээх.

«Күүстээх хаар уонна тыал түһэн, ахсынньы 1 күнүттэн Усуйаана улууһугар Уус-Куйга- Депутатскай уонна Уус-Куйга-Хаһааччыйа массыына суолларынан тырааныспар сырыыта тохтоото», — диэн биэдэмистибэҕэ чуолкайдаатылар.

1.
0:16

This post was published on 02.12.2022 17:09 17:09