Усуйаана Туматыгар оҕолор айылҕалыын алтыһаллар

Усуйаана улууһугар «Чэбдик» лааҕыр үлэтин бэс ыйын 1 күнүттэн саҕалыаҕа.


Салайааччынан дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Людваря Слепцова, иитээччилэринэн саха тылын учуутала Елеонора Андреева, биология, география, химия учуутала Саргыяна Филиппова үлэлиэхтэрэ. Оҕолору минньигэс аһынан повар Арина Слепцова күндүлүөҕэ-маанылыаҕа. Олохтоох балыыһа кылаабынай бырааһа Елизавета Индеева сынньанааччылар доруобуйаларын көрүөҕэ-истиэҕэ.

Тумат орто оскуолатын дириэктэрэ Николай Легусин иһитиннэрбитинэн, оскуола иһинэн сылын аайы тэриллэн үлэлиир «Чэбдик» лааҕыр оҕо доруобуйатын тупсарар, бөҕөргөтөр туһугар араас үлэни ыытар. «Сарсыардааҥы аһылык иннинэ хайаан да эрчиллии оҥороллор. Аһылык кэнниттэн доруобуйа харыстабылын, арыгы, табах буортутун туһунан бэсиэдэлэр ыытыллаллар. Күн иккис аҥарыгар араас спортивнай оонньуулар уонна күрэхтэһиилэр буолаллар», — диир кини.

Оҕо доруобуйатын тупсарыыга, бөҕөргөтүүгэ биир саамай суолталаах үлэнэн айылҕаны кытта алтыһыы буолар. Эбиэттэн киэһэ үксүн айылҕаҕа тахсан сынньаналлар. Учууталлар айылҕа киһи доруобуйатын кытта ыкса сибээстээҕин уонна ханнык баҕарар киһи айылҕаны кытта ыкса сибээстээх эрэ буоллаҕына доруобуйата бөҕөргүүрүн, тупсарын сиһилии быһаараллар, кэпсииллэр. Ол иһин, хас биирдии оҕо айылҕаны эмиэ бэйэтин доруобуйатын курдук харыстыахтааҕын итэҕэтэллэр.

This post was published on 31.05.2016 15:03 15:03