Усуйаана улууһун «Таба-Яна» кэпэрэтиип күһүҥҥү хараал үлэтин түмүктээн эрэр. Ааҕыы түмүгүнэн 3 тыһ.145 табалаах. 1400 табаҕа чип туруорулунна.
Бэтэринээрийэ департаменыттан бэтэринээр быраас А.Н.Максимов «Таба-Яна» кэпэрэтиип Хаһааччыйа нэһилиэгэр баар 1 №-дээх ыстаадатыгар тиийэн көмөлөстө. Ааҕыы түмүгүнэн хаһаайыстыбаҕа 3 тыһ.145 таба, ол иһигэр 1 тыһ. 119 ийэ таба, 800 тугут бэлиэтэннэ.
Табалар туруктара этэҥҥэ, ырыганнаабыт, ыалдьыбыт суох. Бэтэринээрдэр табаларга Сибиир дьааспатын, бруцеллез, ииригирии, некробактериоз курдук ыарыылары сэрэтэр быһыылары биэрдилэр, бруцеллезка серологическай чинчийиилэри оҥордулар, РБП (роз-бенгал) ньыматынан боруоба ыллылар.
«Сахаагроплем» ГБТ зоотехнига А.В.Дьячковскай электроннай учуоту оҥордо, 1400 табаҕа чип туруорда. Биллэрин курдук, таба хаһаайыстыбалара сааскы төрүөх кэнниттэн итиэннэ күһүн баччаларга харааллааһыны ыыталлар: табаларын түмэн ааҕаллар, саастарынан уонна аналларынан наардаан араараллар, итиэннэ эмтиир-сэрэтэр дьаһаллары тэрийэллэр. Хараал кэнниттэн кыһыҥҥы маршруттарынан бараллар.
Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» edersaas.ru