Усуйаана олохтоохторо "Катюша" ырыаны эбээн тылыгар тылбаастаатылар

Усуйаана улууһугар араас омук түөлбэлээн олорор. Эбээннэр, дьүкээгирдэр, сахалар, нууччалар, украинецтар, молдованнар, татаардар, буряттар, киргизтар, казахтар уонна атыттар. Бары Кыайыы 75 сылын өрөгөйдүү көрүстүлэр. Бырааһынньык саҕана эбээн поэтессата Татьяна Афанасьевна Протопопова-Гулуҥэ «Катюша» ырыаны тылбаастаата. ulus.media суруйар.


«Катюша» ырыаны эбээн тылыгар тылбаастаабыт Татьяна Протопопова уонна Мария Иннокентьевна Глотова толорууларыгар ырыаны истиҥ. Икки ытыктанар дьон “Заря Яны” хаһыакка үлэлээбиттэрэ.

This post was published on 26.05.2020 15:01 15:01