Усуйаана оройуонугар үөрэнээччи эчэйии ылбытын иһин суут оскуолаттан 200 тыһыынча солкуобайдаах моральнай компенсация ирдээтэ. Бу туһунан Саха сирин прокуратурата иһитиннэрэр.
2023 сыл сааһыгар кылаас салайааччыта оҕолору кытта айылҕаҕа тахсыбыт, манна оҕолор тюбинг илдьэ баран сырылаабыттар. Ханнык эрэ түгэҥҥэ оҕолор «паравоз» курдук сырылыырга санаммыттар. Учуутал кутталлаах түһүүнү боппотох, ол түмүгэр биир үөрэнээччи атаҕын тоһуппут.
Оҕо доруобуйатыгар ыарахан охсууну ылбыт. Кыыс сокуоннай бэрэстэбиитэллэрэ тута прокуратураҕа суруйан бэрэбиэркэ ыытары көрдөспүттэр.
Прокуратура бу быһылаан учуутал оҕолору ситэ көрбөтөҕүттэн тахсыбыт диэн быһаарда. Суут быһаарыыта сокуоннай күүһүгэр киирэ илик.
This post was published on 21.09.2023 17:16 17:16