Усуйаанаҕа хорҕолдьуну хостооһун үлэтин төнүннэриэхтэрэ

Аны икки сылынан хорҕолдьуну хостуурга анаммыт бырайыак үлэтин саҕалыа. Бу туһунан СӨ бырабыыталыстыбатын нэһилиэнньэ иннигэр отчуотун кэмигэр эттилэр.


Сыаналаах тимир баайдаах сир Депутатскайтан соҕуруулуу-арҕаа 60 км тэйиччи сытар Тирэхтээххэ баар. Специалистар этэллэринэн, Россияҕа бу дэҥҥэ көстөр миэстэнэн буолар. Бырайыак үлэлээн киирэн бардаҕына, бу баайдаах сир сылга быһа барыллаан 510 туонна сырьену биэрэр кыахтаах.

«149 сыл — бу сир саппааһа», — диэн СӨ промышленноска министиэристибэтэ иһитиннэрдэ. Былырыын ыам ыйыгар  РИК тэрилтэ иһинэн үлэлиир «Янолово» диэн хампаанньа манна үлэлииргэ лицензия ылбыт. Хампаанньа докумуону бэлэмнээһиҥҥэ уонна геологическай-чинчийэр үлэни ыытыыттан саҕалаабыт. Ити эрээри, билигин үлэ тохтоон турар. Үбүлээһин суох.

This post was published on 22.02.2016 10:10 10:10