Устудьуоннар үлэ этэрээттэригэр бырабыыталыстыба субсидия көрдө

Саха сирин бырабыыталыстыбата өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан муниципалитеттар бюджеттарыгар 2020 сылга устудьуоннар үлэ этэрээттэрин үлэлэтэллэригэр субсидия көрдө. Бу туһунан сүрүн информационнай порталга суруллар.


5 мөл.солк. суумалаах субсидия 12 муниципальнай тэриллиигэ тыырылынна:

— Өлүөхүмэ оройуона

— Бүлүү куората

— Кэбээйи нэһилиэгэ, Кэбээйм улууһа

— Мииринэй оройуона

— Чурапчы нэһилиэгэ, Чурапчы улууһа

— Дьаҥхаады, Баатара, Мэлдьэхси нэһилиэктэрэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһа

— Уус-Майа нэһилиэгэ, Таатта улууһа

— Өктөм нэһилиэгэ, Хаҥалас улууһа

— Барыкаан уонна Ороһу нэһилиэктэрэ, Үөһээ Бүлүү улууһа

This post was published on 25.05.2020 16:02 16:02