«Аҕыс хайысханан үлэлиибит. Тутуу этэрээттэрэ улуустарга, ону таһынан регион тас өттүгэр эбийиэктэри туталлар. Оҕо лааҕырдарыгар баһаатайдар үлэлииллэр. Крымҥа уонна Краснодарскай кыраайга курорт пууннарыгар сервис хайысхата эмиэ баар. Камчаткаҕа, Сахалиҥҥа, Приморскай уонна Хабаровскай кыраайдарга балык собуоттарыгар үлэлиэхтэрэ. Медицина этэрээттэрэ медицина тэрилтэлэригэр уоппуска кэмигэр үлэһиттэри солбуйуохтара. Пассажирскай вагоннары Уһук Илин территориятыгар арыаллааччылар бааллар. Оҥорон-тутан таһаарар этэрээттэр анал тэрилтэлэргэ үлэлиэхтэрэ, холобур, быйыл КАМАЗ оҥорор собуокка», – диэтэ Олег Сергучев.
2025 сылга оскуола үөрэнээччилэрин кытта үлэ барар буолла. Оскуолалары кытта быһа сөбүлэҥ түһэрсэн устудьуон этэрээттэрэ үлэлиэхтэрэ.Оҕолор Дьокуускайга археологическай хаһыыларга, олбуор баһаатайдарынан, территорияны тупсарыыга, көҕөрдүүгэ үлэлиэхтэрэ.