Устар ааллары оҥорор собуот 66% тутулунна

Хаартыска: Саха парламент саайта

Ол эрэн тутар-таҥар үлэни салгыы ыытар кыах суоҕа этилиннэ. Бырайыагын уонна симиэтэтин докумуонуттан дьиҥ олоххо араастаһыы тахсан, тиэхиньиичэскэй эспэртиисэ кэлэн чинчийиэхтээх. Итиниэхэ олоҕуран бэрээдэги араҥаччылыыр уонна хонтуруоллуур уоргаҥҥа сайабылыанньа киирбит. Собуот 66% тутуллубут, оборудованиены атыылаһарга хантыраак оҥоһуллубут, улахан аҥаара төлөммүт, Дьокуускайга тиэрдиллибит, суруйда Саха парламент саайт.

This post was published on 31.07.2024 15:00 15:00