Усть-Кут — Өлүөхүмэ уу суола арылынна

Өлүөнэ өрүс сорох учаастактарыгар уу суола эрдэ арылынна. Усть-Куттан Өлүөхүмэ өрүскэ диэри сырыы кыраапыктан 10 хонук эрдэлээтэ. Манна былаан быһыытынан ыам ыйын 22-тэн сырыы саҕаланыахтааҕа. 


Саха сиригэр навигация былааннаммыттан эрдэ саҕаланар. Муус ааһыытын балаһыанньатыттан көрөн, ыам ыйын 20 диэри Дьокуускай — Аллараа Бэстээх суола арыллыа.

Өлүөхүмэ — Мохсоҕоллоох хайысханан «ЛОРП» бастакы суудуната СОТ-1131 тутуу матырыйааллаах айаҥҥа турунна.

Ыам ыйын 12 күнүгэр Ленскэй — Маача, ыам ыйын 13 күнүгэр — Маача – Өлүөхүмэ өрүс төрдө хайысхаларга арылынна.

This post was published on 13.05.2020 16:03 16:03