УСН туттар предпринимателлэр чэпчэтиинэн туһаныыга сайабылыанньа биэрэллэригэр этилиннэ. Российскай Федерация Нолуок кодексатын 346.11 ыстатыйатын 3 пуунугар олоҕуран нолуокка төлөбүрдэригэр уларытыылар киирдилэр.
Нолуокка чэпчэтии предпринимательскай үлэлэрин ыытар, тэрийэр, оҥорор хамсаабат баайдарын-дуолларын эбийиэгэр көрүллэр.
Тырааныспар нолуогар, сир нолуогар, физическай сирэйгэ нолуокка чэпчэтиигэ сайабылыанньа киэбэ уонна хайдах толоруллар бэрээдэгэ Нолуок сулууспатын бирикээһинэн бигэргэнэр (14.11.2017 N ММВ-7-21/897@ (форма КНД 1150063).
ФНС Саха сиринээҕи салаата предпринимателлэр чэпчэтиигэ сайабылыанньаларын 2022 сыл муус устар 1 күнүгэр диэри, 2021 сыллааҕы нолугу төлүүргэ иһитиннэриилэр ыытылла иликтэринэ тиксэрэргитигэр ыҥырар.
Сайабылыанньаны «Личный кабинет налогоплательщика», почта, МФЦ нөҥүө ыытыахха сөп.
Сиһилии https://ysia.ru/predprinimatelyam-na-usn-rekomenduyut-predstavit-zayavlenie-na-lgotu/
This post was published on 18.03.2022 10:01 10:01