Итирик туруктаах массыынаны ыытыы олус сэрэхтээх. Хаста да тутулуннаххытына — үс сылга диэри хаайыллаҕыт. Сокуон барылын Госдуума депутаттара ылыннылар, суруйар Российская газета.
Санатар эбит буоллахха, итирик туруктаах уруулга олоруу иһин билигин көҥүлү быһыы икки сыл. Маны сэргэ ыстыраабынан муҥурданыан сөп, 300 тыһ солк.
Итириксит суоппардарга анаммыт өссө кытаанах ирдэбил Российскай Федерация Холуобунай кодексын 264.1 ыстатыйатыгар киллэриллэр.
This post was published on 09.06.2021 13:01 13:01