Арассыыйа оскуолаларыгар бу үөрэх дьылыттан саҥа санитарнай быраабылаларынан уруоктарга мобильнай төлөпүөннэри туһаныы көҥүллэммэт. Бу туһунан үөрэх миниистирэ Сергей Кравцов бүтүн Арассыыйатааҕы төрөппүт мунньаҕар иһитиннэрдэ.
«Уруок туһунан эттэххэ, саҥа санитарнай нуорманан бу үөрэх дьылыттан уруоктарга мобильнай телефоннары туһанар көҥүллэммэт, Маннык быһаарыыны мобильнай төлөпүөннэр оскуола оҕолорун уруоктан аралдьыппаттарын туһугар ыллыбыт», — диэтэ.
Миниистир этэринэн, мобильнай төлөпүөннэри туһаныы оҕо доруобуйатыгар сабыдыаллаах. Ону тэҥэ төрөппүттэр оҕолорун кытта перемена кэмигэр кэпсэтиэхтэрин сөп диэн эбэн эттэ.
This post was published on 01.09.2022 09:03 09:03