«Уруйдан, улуукан Олоҥхо!»

Сергей Зверев-Кыыл Уола аатынан Саха үҥкүүтүн тыйаатыра Олоҥхо декадатыгар «Уруйдан, улуукан Олоҥхо» дьоро киэһэни тэрийдэ.


Ансаамбыл сүрүн солиһа, РФ уонна СӨ үтүөлээх артыыһа Дмитрий Артемьев олоҥхо киэһэтин алгыһынан арыйда. Сценаҕа дьоро киэһэ кыттыылаахтара бары тахсыбыттарын ытыс тыаһынан көрүстүлэр.

Бастакы түһүмэххэ былырыын баччаларга Москваҕа, Санкт-Петербурга үс үбүлүөйдээх даатаны көрсө ситиһиилээхтик туруоруллубут «Куллустай «Бэргэн» этно-балеттан быһа тардыыны оонньоотулар. Сергей Зверев олоҥхотунан, Санкт-Петербург композитора  Игорь Воробьев музыкатынан, Юрий Федоров үҥкүүнү туруоруутунан таҥыллыбыт этно-балет Саха национальнай оркестрынан доҕуһуолланан көрөөччүгэ өссө күүһүрэн, ситэн-хотон тиэрдилиннэ.

Иккис түһүмэххэ норуот талааннаахтара: олоҥхоһуттар, тойуксуттар, ырыаһыттар, ону сэргэ улуустартан кэлбит араас бөлөхтөр олоҥхолортон быһа тардыыларын иһиттибит. Кинилэр ортолоругар А.Кулаковскай аатынан Норуот айымньытын дьиэтиттэн «Олонхо» устуудьуйа (сал. С.Лукина), «Тойук» норуот этно-фольклорга ансаамбыла (Г.Фёдорова, А.Потапов), «Махтал» үҥкүү ансаамбыла (Е.Новикова), В.Каратаев аатынан Олоҥхо кэллэктиибэ (Бүлүү), «Айтал» саха таҥаһын бөлөҕө (Покровскай к.) уо.д.а. бааллар.

Биллиилээх олоҥхоһуттар Семен Черноградскай, Николай Григорьев, тойуксут Сусанна Лазарева уо.д.а. куоластара хаһааҥҥытааҕар да чөллөрүйэн, тупсан иһилиннэ.

Филологическай наука кандидата, доцент, Олоҥхо тыйаатырын сүрүн научнай үлэһитэ Агафья Захарова олоҥхону тарҕатарга тиһигин быспакка үлэлэһэр, тирэх буолар норуот талааннаахтара кэлбиттэригэр махтанна. Кини үрдүк сценаттан үөрүүлээх сонуну иһитиннэрдэ. Ол курдук, ЮНЕСКО Саха сирэ Олоҥхоҕо ыытар үлэтин үөрүйэҕин 86 дойдуга тарҕатарга быһаарыы ылбыт. Онон, быйылгы Олоҥхо Ыһыаҕар ЮНЕСКО бэрэстэбиитэллэрэ кэлэллэрэ күүтүллэр.

Саха үҥкүүтүн тыйаатырын дириэктэрэ, уус-уран салайааччы, СӨ култуура үтүөлээх үлэһитэ Александр Алексеев тыйаатыр саха эпоһын өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар эрэ буолбакка, Арассыыйа араас куораттарыгар уонна тас дойдуларыгар киэҥник сырдатарын, көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ыларын бэлиэтээтэ, артыыстарга махтанна. Кинилэргэ махтал суруктары уонна А.Зверев үбүлүөйүгэр тахсыбыт кинигэлэри бэлэхтээтэ.

Көрөөччүлэр уонна кыттааччылар биир күн биир сценаҕа бачча элбэх дьону түмэн умнуллубат бэлэҕи ууммуттарыгар бырайыак ааптардарыгар, дьүһүйүүнү иилээн-саҕалаан ыыппыт Светлана Лукинаҕа, уус-уран салайааччы Светлана Бессоноваҕа, Үҥкүү тыйаатырын кэлэктиибигэр махтаннылар.

Түмүккэ бары илии илиилэриттэн тутуһан, оһуохайы оройуттан туттулар.

This post was published on 02.12.2016 18:30 18:30