2023 сылга УРУБИИКИ Арассыыйа омуктарын тылларынан салааларга хамаанда хомуйда. Сыл аҥаарынан былаһаакка интерфейса 20 тылынан оҥоһулунна: алтаай, башкиир, бүрээт, вепс, ингуш, калмыык, коми, татаар, тываа, удмурт, хакаас, чэчиэн, чуваш, эрзя.
Араас тылы кытта ситимнээх, тылбаастаммыт интерфейс этиилэрин уопсай ахсаана 100 тыыһынча кэриҥэ.
2023 сыл сэтинньи ый бүтүүтүгэр биэс салаа таҕыста: башкиир, марий, саха, татаар, чечен тылларыгар. Сотору эбии алта салаа тахсыаҕа: алтаай, мокша, тываа, удмуурт, чувааш, эрзя. Ити салааларга барыта 1,1 мөлүйүөн ыстатыйа киириэҕэ.
2024 сылга өссө 10 тылы эбэр былаан баар.
Сонун источнига: https://rg.ru/2023/12/05/internet-enciklopediia-ruviki-otkryla-razdely-na-iazykah-narodov-rossii.html
УРУБИИКИ — https://sah.ruwiki.ru/
Ааптар: Иван Алексеев
This post was published on 06.12.2023 13:01 13:01