Дистанционнай түөкүттэр хабаларыгар киирии түбэлтэтэ күннэтэ тахса турар. Ол курдук, бу күннэргэ Дьокуускай полициятын дьуһуурунай чааһыгар 43 саастаах урбаанньыттан сайабылыанньа киирбит.
Урбаанньыт анал тиэхиньикэ атыылаһаары, Японияттан массыыналары аҕалар киһи нүөмэрин булан, сибээстэспит. Ол кэннэ өрүттэр сөптөөх тиэхиньикэни талбыттар. Массыына аҕалааччы киһи дуогабар оҥорон, харчытын көрдөөбүт. Урбаанньыт тута 3,2 мөл. солк. ыыппыт уонна хас да ыйы быһа сакаастаабыт тиэхиньикэтин кэтэспит.
Хомойуох иһин, урбаанньыт сакааһа кэлбэтэх, суруйда Саха сирэ саайт.