Урбаан сэттэ хайысхатын лиссиэнсийэтэ уһатыллыаҕа

Ыам ыйын 12 күнүгэр Госдуума урбаан сэттэ хайысхатын лиссиэнсийэтин, киһи быһаччы кыттыыта суох, уһатар туһунан федеральнай сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Суруйар edersaas.ru


Экэнэмиичэскэй сайдыы министиэристибэтэ 13 туһааннаах биэдэмистибэни кытта бэлэмнээбит бырайыага, коронавирус дьаҥа тарҕана турар кэмигэр, дойду экэниэмикэтэ хоромньута суох салгыы сайдарыгар туһуланар.

Ол курдук, такси, туризм эйгэлэригэр, гостиница, быһылааны туоратар тэрилтэлэр лиссиэнсийэлэрэ уһатыллаллар. Холобура, такси эйгэтин 450 тыһыынча көҥүлэ уонна 1 515 гостиница лиссиэнсийэтэ уһаан биэриэхтэрэ. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-киинэ иһитиннэрэр.

This post was published on 13.05.2020 15:15 15:15