“Бичик” национальнай кинигэ кыһата сандал сааһы көрсө Дьокуускай куорат килбэйэр киинигэр Курашов аатынан уулуусса 24-с дьиэтигэр саҥа “Бичик плюс” диэн маҕаһыын аста.
Маҕаһыыҥҥа көрүҥнэринэн наарданан үгүс кинигэ хас биирдии ааҕааччыны умсугута угуйар. Оҕолорго аналлаах таһаарыылар:
Үөрэх дьыла түмүктэнэрэ бу тиийэн кэллэ. Оскуола оҕолоругар, учууталларга анаан “30 бастыҥ өйтөн суруйуу” хомуурунньук саха литературатын эксээмэнигэр ситиһиилээхтик бэлэмнэнэргэ көмө-ньыма буолуо. Манна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үөрэҕин министиэристибэтин уонна “Бичик” кинигэ кыһатын көҕүлээһиннэринэн ыытыллыбыт өйтөн суруйуу куонкуруһугар кыттыбыт 8, 9, 10 кылаас үөрэнээччилэрин бастыҥ үлэлэрэ таҥыллан киирдилэр.
Кырачааннарга аналлаах “Кыыллары нүөмэрдэринэн кырааскалаа” диэн кинигэҕэ кыыллар ойууларарын нүөмэрдэринэн сөптөөх өҥү талан кырааскалыахтаахтар. Өҥнөр кинигэ таһыгар кустук дьэрэкээн өҥнөрүгэр сыыппаранан көстөллөр. Эбэтэр бэйэлэрэ атын өҥнөрүнэн кырааскалыахтарын эмиэ сөп.
Маны сэргэ өйү-санааны байытар, дууһаны сылаанньытар уус-уран айымньылар:
Ааҕааччы киэҥ биһирэбилин ылбыт Семен Маисов «Аҕа» айымньытыгар үтүө үгэстэрдээх, туспа сиэрдээх-туомнаах саха ыалын туһунан айымньылара түмүлүннүлэр. Ол курдук, тыа сирин күүс үлэтин арааһын ситэри баһылаабыт мындыр саха эр киһитин олоххо кыраҕы сыһыана, аныгы кэм балысхан сайдыытын кытта тэҥҥэ хаамсыбыт, саха дьахтарын ис түгэҕэр сөҕүрүйэн сыппыт киччим санаата биир бэлиэ, умнуллубат түгэнтэн уһуктан, олоххо ураты сыһыаны саҕара дьиктитик ойууланар. Ону сэргэ саха төрүт дьарыга булт туһунан кэпсээннэр, хомоҕой хоһооннор ааҕааччы болҕомтотун тардыахтара.
Аныгы кэм биир биллэр суруйааччыта Галина Нельбисова «Эн миэхэ соҕотоххун» диэн ыал буолан олорор үс эдьиийдии-балыстыылар тустарынан сэһэнэ ааҕааччыны сэҥээрдиэ. Кинилэр бу орто дойдуга дьахтар киһиэхэ ананар дьолу билиэхтэрин баҕараллар. Ол эрээри дьылҕа кимиэхэ тугу биэрэрин бэйэтэ эрэ билэргэ дылы. Эдьиийдии-балыстыылар үөрэр-хомойор, ыллыыр-ытыыр да түгэннэригэр өрүү бииргэлэр.
Дьиэ тутуутун туохтан саҕалыыбыт? Ханнык матырыйаалы туһанабыт? Ис-тас көстүүтүн хайдах киэргэтэбит? Уһун үйэлэргэ дьүһүнүн-бодотун сүтэрбэтин, бөҕө-таҕа буоларын курдук хайдах оҥостобут? Мантан да атын ыйытыктарга хоруйдары, ону тэҥэ дьиэни сөпкө тутарга, сылаас, бөҕө-таҕа, ураты көстүүлээх буоларыгар уонна сиэптик, күрүө, кэлииккэ оҥорорго сүбэлээх-амалаах, ыйар-кэрдэр хаартыскалаах, ойуулаах «Дьиэ тутуута» диэн кинигэҕэ Бүлүүттэн норуот маастара Николай Степанов биэрэр.
“Якутия-2016” диэн Өрөспүүбүлүкэ политическай, культурнай олоҕун бэлиэ күннэрин халандаара библиотекардарга, кыраайы үөрэтээччилэргэ, иһитиннэрэр, биллэрэр эйгэ үлэһиттэригэр, төрөөбүт дойдубут устуоруйатын, култууратын сэргээччилэргэ анаан күн сирин көрдө.
“Бичик” ураты тыыннаах саҥа маҕаһыына күндү атыылаһааччыларыгар аана мэлдьи аһаҕас!
Маҕаһыын аадырыһа: Дьокуускай куорат, Курашов аатынан уулусса 24-с дьиэтэ, 1 этээс. Билсэр төл. 730-602.