Күөх сайыны уруйдуу көрсөр Ньукуолун, Саха сиригэр Сайылык күннэригэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа олохтоохторо салама ыйаатылар, алгыстаннылар.
Майа дьаһалтатын уонна Д.Ф.Ходулов аатынан култуура киинин көҕүлээһиннэринэн, Ураһалаахха сэрии сылларын оҕолоро, уопсастыбанньыктар, анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дьиэ кэргэнэ айылҕаҕа сүгүрүйэ, ыраастана, алгыс ыла тиийдилэр.
Алгысчыт Анна Климентова аал уотун үрүҥ сылгы сиэлинэн маанылаан, арыылаах алаадьынан айах тутан сиэр-туом толордо. Саха дьоно эргэ дьылы этэҥҥэ туораан, саҥа дьылы көрсүбүппүтүгэр махтанан алгыс көтөҕүлүннэ. Манна дьон-сэргэ сэлэлии туран Үрдүк Айыыларга сүгүрүйдэ, аар хатыҥнарга салама ииллэ, салгын кутун сайҕаата, буор кутун бөҕөргөттө. Алгыһы “Кыталыына” үҥкүү бөлөҕө “Салама” үҥкүүтүнэн иҥэрдэ, суруйда @gazetaerkeii
This post was published on 23.05.2024 12:01 12:01