РФ президенэ Владимир Путин Уһук Илин регионугар уот тарыыбын Россия орто көрдөрүүтүгэр тэҥниир туһунан өссө иллэрээ сыллааҕыта эппитэ.
«Электроэнергетика туһунан» федеральнай сокуоҥҥа уларыйыылар киирэннэр, уот тарыыбын тэҥнээһиҥҥэ хамсааһын тахсан эрэр.
Бу күннэргэ РФ энергетикэтин миниистирэ Александр Новак Судаарыстыбаннай Дуума дьокутааттарын кытары көрсүһүүгэ, тарыыбы тэҥнээһин от ыйын 1 күнүттэн саҕаланан барыахтааҕын туһунан эппитин, Уһук Илин регионун сайдыытын министиэристибэтин пресс-сулууспата суруйар. Миниистир бу иннинээҕи көрсүһүүгэ уот тарыыбын намтатыы икки-үс сылынан биирдэ олоххо киириэхтээҕин иһитиннэрбитэ.
Онон, электроэнергия тарыыба Чукоткаҕа – 65 %, Саха сиригэр – 50 %, Сахалиҥҥа – 46 %, Магадан уобалаһыгар – 34 %, Приморьеҕа – 20%, Камчаткаҕа – 21%, Еврейскэй автономнай уокурукка – 17%, Амурскай уобаласка итиэннэ Хабаровскай кыраайга – 5% намтыаҕа. Санатан эттэххэ, тарыып уларыйыыта нэһилиэнньэҕэ буолбакка, Уһук Илин регионугар үлэлиир предприятиеларга көрүллэр.
This post was published on 07.06.2017 17:48 17:48