Уот сыаната хардарыта субсидиялааһынтан тутулуктаах

СӨ Ил Дархана Анал этиитигэр тарыып политикатыгар тосту уларыйыылар киирээри туралларын туһунан этэн турар. Бастатан туран, уот тарыыбыгар хардарыта субсидиялааһыны суох оҥоруу. Иккиһинэн, уһун болдьохтоох тарыыптарга көһүү. Үсүһүнэн, ититии тарыыптарын хас биирдии нэһилиэктэринэн тус-туһунан бигэргэтии.


Омос көрдөххө, сөптөөх дьаһал. Холобур, Бүлүү умнаһын олохтоохторо, судургутук эттэххэ, Бүлүүтээҕи ГЭС-тэн уоттанан олороллор. Дизельнэй станциялардааҕар итиэннэ Дьокуускайдааҕы ГРЭС оҥорон таһаарар уотуттан ороскуота төһө эмит кыра. Оттон Алдан уонна Нерюнгри оройуоннара уоптабай ырыынактан атыылаһан уотунан туһаналлар. Онон ити туох баар ороскуоттарын холбуу тутан биир тарыыбы, исписэлиистэр этэллэринэн, «котловай тарыыбы» олохтууллар. Ол түмүгэр дизельнай станциялар ороскуоттарын сүрүннээн бөдөҥ промышленнай хампаанньаларга сүктэриллэр. Саҥа сокуоннар киириэхтэриттэн, туһааннаах тэрилтэлэр уоту уоптабай ырыынактан ылар кыахтанан, «Якутскэнерго» ПАУо өҥөтүттэн сыыйа аккаастанан эрэллэр. Бөдөҥ хампаанньалар баран истэхтэрин аайы дизельнэй станциялар ороскуоттарын уотунан туһанааччыларга барыларыгар түҥэтэргэ тиийэллэрин СӨ Сыана политикатын судаарыстыбаннай кэмитиэтэ быһаарар. Онон, хардарыта субсидиялааһыны суох оҥордоххо, инникитин нэһилиэнньэҕэ уот сыаната күүскэ улааппатыгар төһүү буолуоҕа.

Сокуон быһыытынан, саҥа тарыыптар сылга биирдэ от ыйын 1 күнүттэн олохтонон бигэргэнэллэр. Ордук улахан үрдээһин былырыын электричество уотунан туһаныыга бэлиэтэммитэ, ортотунан 15% эбиллибитэ. Бу хайа да тарыыптардааҕар улахан үрдээһин этэ. Куоракка гаастаах дьиэҕэ олорооччулар от ыйын 1 күнүгэр диэри 1 киловатт чаас иһин 5,09 солк. төлүөхтэрэ. Оттон куоракка уонна тыа сиригэр электрическэй билиитэнэн туһанааччылар 3,56 солк. төлүү олороллор.

Сиһилии «Саха сирэ» хаһыат оптуорунньуктааҕы нүөмэригэр ааҕыҥ.

This post was published on 15.02.2016 15:04 15:04