22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Уот ситимигэр холбонуу судургутуйуо

11:03, 25 октября 2022
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

РФ бырабыыталыстыбатын дьаһалынан дьоҕус, орто бизнестээх дьон уот ситимигэр холбонуулара быдан судургутуйуоҕа. Саҥа ирдэбилинэн предпринимателлэр 85 күн иһигэр уот ситимигэр холбонор кыахтаныахтара, диэн Саха сирэ суруйар.

Бу  саҥа ирдэбиллэр “Уот ситимигэр технологическэй холбонуу” диэн 2017 сыллаахха тахсыбыт РФ бырабыыталыстыбатын уурааҕар уларытыылары киллэрии быһыытынан таҕыстылар. Саҥа механизм 2024 сылга диэри салҕанан барыаҕа. Ол курдук, дьоҕус, орто бизнестээх дьоҥҥо уот ситимигэр холбонуу 85 күнтэн уһуо суоҕа. Ону таһынан уот ситимигэр холбонууга “биир түннүк” тэриллэн, судаарыстыбаннай, муниципальнай өҥөлөрү биэрии судургутуйуоҕа, уот ситимигэр холбонуу көҥүлүн, о.д.а. туһааннаах докумуоннары ылыы болдьоҕо кылгыаҕа. Бу ситим нөҥүө дьон-сэргэ техническэй холбонууну, төлөбүрү барытын биир сиргэ оҥорор буолуохтара.

РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Александр Новак мунньахха иһитиннэрбитинэн, бу саҥа ирдэбил олохтоохтор уот ситимигэр холбонууларын быдан чэпчэтиэхтээх.

— Эрэгийиэн салалтата уонна энергетикаҕа үлэлии сылдьар хампаанньалар бу саҥа ирдэбиллэринэн биир ситимнээхтик үлэлээтэхтэринэ Арассыыйа бары субъектарыгар бу эйгэҕэ улахан уларыйыы тахсыаҕа дии саныыбын. Саамай сүрүнэ бу үлэлэр түмүктэринэн олохтоохтор энергетика өттүгэр судургутуллубут өҥөнү ылалларын ситиһиэхтээхпит, — диэн бэлиэтиир кини.

Ааптар Аграфена Кузьмина

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА