Дьон арааһы бары уорар, туохтан да иҥнибэт. Ымыр да гыммакка, этэргэ дылы, «ааһан иһэн» кыбаллар.
Ааспыт өрөбүллэргэ Дьокуускай куорат полициятыгар гарааһыттан сыаналаах малларын уордарбыт дьахтар кэлбит. Кини Өктөөп 50 сыла уулуссатыгар чааһынай дьиэҕэ олорор эбит. Сүтүктээх дьахтар кэпсээбитинэн, тэлгэһэтигэр баар гарааһыттан сыбааркалыыр аппараатын уонна омук болгаркатын уорбуттар. 16500 солк. суумалаах хоромньуламмыт.
Уоруу тахсыбыт сиригэр 3 №-дээх полиция отделын суһал-силиэстийэлиир бөлөҕө тиийбит. Суһал-ирдиир тэрээһиннэр кэмигэр Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх 33 саастаах уорбаланааччы тутуллубут. Урут эмиэ уорууга түбэһэн, холуобунай эппиэккэ тардылла сылдьыбыт киһи эбит. Уорбут малларын булбуттар.
Эмиэ киин куоракка Автодорожнай уулуссаҕа турар дьиэ биир кыбартыыратыттан суотабай төлөпүөн уорбуттар. Бу уорууга уорбаланан, Хаҥалас улууһуттан төрүттээх 27 саастаах киһи тутуллубут.
Эмиэ Дьокуускайга, аны Ярославскай уулуссатыгар баар маҕаһыынтан табаары уорбуттар. Уорбаланааччы — ханна да үлэлээбэт, урут уоран сууттана сылдьыбыт 35 саастаах киһи.
Онтон Ленскэйгэ түүн ыаллар хоспохторуттан инструменнары, араас малы уорбут киһини туппуттар. Нүүйэ сэлиэнньэтиттэн төрүттээх 37 саастаах киһи уорбаланар.
Бу чахчыларынан «Уоруу» ыстатыйанан холуобунай дьыалалар тэриллибиттэрин туһунан СӨ ИДьМ-тын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
This post was published on 13.02.2018 15:10 15:10