Уоруйахтар, түөкүттэр баан систиэмэтин алдьатан эрэ буолбакка, клиеннэр бэйэлэрэ “хачайдаабыт” араас программаларын нөҥүө эмиэ “киирэллэр” эбит. Холобура, дьон үксүгэр Андроидка араас сыһыарыылары киллэрэннэр, ону кытары вирус хабыллан, баан каартатыттан харчыны устарга суол аһыллан биэрэр. Маны таһынан, түөкүттэр “ваша карта заблокирована” диэн смс-сурук ыытан биитэр бэйэлэрэ эрийэн этэн, сороҕор “кредит ыларга көмөлөһөбүт” диэн биллэриилэри таһааран, дьону отоойкоҕо олордоллор.
Итинник түбэлтэлэртэн хайдах көмүскэниэххэ?
• Каартаҥ сабыллыбытын дуу, харчы уһуллубутун дуу уо.д.а. саарбах ис хоһоонноох смс-сурук туттаххына, ол ыйар, этэр нүөмэрдэригэр хаһан да эрийимэ. Бэйэҥ каартаҕар баан нүөмэрэ баар – онно эрийиэххин сөп биитэр бааҥҥа бэйэтигэр баран быһаарсарыҥ наада.
• Оннук эрийбит, суруйбут дьоҥҥо каартаҥ реквизиттэрин туһунан (нүөмэрин, болдьоҕун, ПИН-кодун, паролгун) хаһан да эппэт буол! Уонна тугу ыйалларын-этэллэрин толорума!
• Каарта ПИН-кодун хаһаайын бэйэтэ эрэ билиэхтээх, атын кимиэхэ да этиэ суохтаах, атын киһи (бэл диэтэр, чугас аймах) туттарыгар бэриллиэ суохтаах;
• Сорохтор ПИН-код нүөмэрин каартаҕа бэйэтигэр суруйбут биитэр кумааҕыга сурунан укта сылдьар буолаллар – хаһан да оннук гыныма!
• Көннөрү каарта оннугар үрдүк кылааска киирсэр, микрочиптаах каарта ылар ордук – сыаналаах эрээри, ол-бу түөкүттэртэн харысхаллаах;
• Атыы-эргиэн кииннэригэр, аһыыр сирдэргэ, о.д.а. каартанан туттар сирдэргэ, бары эпэрээссийэни бэйэҥ бааргар, көрөн туран эрэ оҥоттор;
• Интернетинэн ону-маны атыылаһаргар, чахчы биллэр, бигэ репутациялаах эрэ ресурсалары туһан;
“Сбербанк Онлайн” систиэмэ үлэтигэр:
• Систиэмэҕэ киирэр идентификаторы уонна паролу хаһаайын бэйэтэ эрэ билиэхтээх.
• Эпэрээссийэни уларытаргар биитэр тохтоторгор (аннулирование) паролу киллэрэр наадата суох. Итинниги түөкүттэр эрэ ирдииллэр. Сбербаан үлэһиттэрэ клиеннэргэ хаһан да эрийэбэттэр – эпэрээссийэни уларытары биитэр тохтотору ирдээбэттэр.
• Бу систиэмэҕэ киирэргэр биитэр хайа эмит эпэрээссийэни толороргор суотабай төлөпүөнүҥ нүөмэрин, пааспарын дааннайдарын суруйар-киллэрэр наадата суох;
• СМС-иһитиннэриилэри, толорбут эпэрээссийэҥ реквизиттэрин болҕойон ааҕан буол;
• Толорботох эпэрээссийэҥ туһунан иһитиннэрии кэллэҕинэ, паролгун олох киллэримэ!
“Мобильнай баан” өҥөтүнэн туттарга:
• Маннык өҥө эбэтэр “Сбербаан Онлайн” сыһыарыылаах дьон, суотабай төлөпүөнүн сүтэрэр (уордарар) эбэтэр сим-каартатын уларытар түгэнигэр, бастаан суотабай сибээс оператыгар тиийиэхтээх уонна бааҥҥа барыахтаах. Ити өҥөлөрү тохтотор туһуттан. Сорохтор итилэри араартарбаккалар, ол сим-каартаны ылбыт саҥа хаһаайын талбытынан онно баар харчыны матайдыан сөп;
• Төлөпүөҥҥэ антивирус киллэттэриэххин наада уонна ону кэмиттэн кэмигэр саҥатыта сылдьыахтааххын;